Мэҥэ Хаҥаласка Спорт сыла биллэриллибитинэн сибээстээн, спорт миниистирин бастакы солбуйааччыта Георгий Балакшин салайааччылаах оробуочай бөлөх Балыктаахха кэлэ сырытта. Кини олохтоох «Доруобуйа» түмсүү үлэтин сэргээтэ.
«Доруобуйа» түмсүү салайааччыта Марфа Ноговицына тыа сирин олохтоохторо доруобай буолар туһугар хайдах-туох дьарыктаналларын кэпсээтэ. Ыалдьыт Захар Федоров доруобуйаны сөпкө көрүнэргэ олус наадалаах сүбэлэри биэрдэ, хамсаныылары оҥорон көрдөрдө. «Элбэх сиргэ түмсүүлэри көрүстүм, эһиги сөптөөх хайысханы тутуһан сылдьар эбиккит, онтуккутун тута сылдьыҥ, киһи баайа — доруобуйата», — диэтэ кини. Оттон Георгий Русланович: «Ыччаты көҕүлүөххэ, бэйэҕитигэр сыһыаран дьарыктаналларыгар кыаҕы биэриҥ, усулуобуйата тэрийиҥ», — диэн «Доруобуйа» түмсүү чилиэннэригэр баҕа санаатын тириэртэ.
Кэлбит дьон дьыссаатынан, оскуоланан сылдьан оҕолору кытта көрүстүлэр, маастар-кылаас биэрдилэр.
This post was published on 16.03.2016 15:06 15:06