Анисия Даниловна, Иннокентий Дмитриевич Скрябиннэр 1973 сыл атырдьах ыйын 19 күнүгэр Балыктаах бөһүөлэгэр кэргэннии буолуу актатыгар 17-с нүөмэринэн саахсаланан, ыал буолан, аймахтарын-доҕотторун ыҥыран сыбаайбалаабыттар.
Кинилэр үс сыл билсэн-доҕордоһон баран холбоспуттар. Иннокентий Дмитриевич суоппар, Анисия Даниловна кулууп үлэһитэ идэни баһылаан, Балыктаахха олохсуйан, дьиэ туттан, сүөһү ииттэн, дьон тэҥинэн үлэлээн-хамсаан, оҕолонон-сиэннэрдэнэн тыа ыалын сиэринэн быр-бааччы олороллор.
Нэһилиэк уопсастыбаннай үлэтигэр көхтөөхтүк кыттан, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан, Анисия Даниловна 40 сыл Мэҥэ Хаҥалас улууһугар култуура эйгэтигэр, кэргэнэ Иннокентий Дмитриевич 23 сыл суоппарынан, 17 сыл тыа хаһаайыстыбатыгар араас үлэҕэ үлэлээн билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор, суруйда @gazetaerkeii.
This post was published on 14.12.2023 13:09 13:09