Балыксыттар Орто Халыма улууһун өрүстэригэр туспа чинчийэн көрүүнү туруорустулар

Муус устар 21 күнүгэр улуус дьаһалтатыгар «2017 сылга Саха сиригэр күөллэргэ уонна өрүстэргэ балык бултаныахтаах кээмэйин быһаарыы» темаҕа общественнай истиилэр буоллулар. Манна Орто Халыма куорат балыксыттара, ону кытта Алаһыай нэһилиэгин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар. Иһитиннэриини «Госрыбцентр» ФГБНУ Дьокуускайдааҕы филиалын лабораториятын сэбиэдиссэйэ Филипп Николаевич Жирков оҥордо.


Санатан эттэххэ, бу тэрилтэ Саха сирин өрүстэригэр уонна күөллэригэр балык арааһын уонна ахсаанын чинчийэр. Кинилэр көрдөрүүлэригэр олоҕуран, сылын аайы балыктааһын квотата көрүллэр. Квотаны тыырааһынынан СӨ «Арктика дьыалаларыгар» Судаарыстыбаннай кэмитиэт дьарыктанар.

Көрсүһүү кэмигэр Филипп Николаевич Халыма өрүскэ (үс Халыма улуустарын холбоон туран) уопсай көрдөрүүнэн ааспыт сылга ханнык балык, төһө бырыаһыан бултаммытын билиһиннэрдэ. Ол курдук чукучан — 1, быраҥаатта — 1, сыаҥаан — 6, чабак — 9, муҥур — 17, суокур — 18, сордоҥ — 20, сэллээки — 28 бырыһыан бултаммыт.

Халыма өрүскэ бэриллибит квота сылын аайы ситэ туһаныллыбата слайдаҕа дьэҥкэтик көһүннэ. Бу ортотунан көрдөрүүлэр буолалларын өйдүөхтээхпит. Холобур, кимиэхэ эрэ квота тиийбэт, оттон ким эрэ квотатын ситэ туһаммат.

Бүгүҥҥү көрсүһүү сүрүн сыалынан — балыксыттар «Госрыбцентр» ыытар үлэтигэр этиилэри киллэрэн, чинчийэр үлэҕэ сүбэ-ама буолалларын ситиһии. Холобур, Пётр Федотович Лаптев: «Научнай-чинчийэр үлэни ыытаргыт саамай сөптөөх дии саныыбын. Ол эрээри квота аҕыйаҕа туохха сытарый диэн мунаахсыйабын. Дьыл кэминэн уратылаах. Улахан ууга элбэх балык хамсыыр. Оттон сорох күөлгэ быйыл балык баар буоллаҕына, эһиил сүтэн хаалар. Биитэр күөлүҥ бэйэтэ түһэн хаалар. Итиниэхэ эмиэ балыксыт ночоокко түбэһэр, квотаны ситэ туһамматах, көҥүлү ылан баран былааны толорбокко эппиэккэ тардыллыах тустаах. Оттон айылҕа бэйэтин сокуонунан итинник дьаһанарын ким да аахсыбат. Ити өттүн эмиэ үөрэтэн көрүү наада».

Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Егор Николаевич Константинов: «Эһиги ити Халыма эбэни барытын хабан туран балык ахсаанын быһаараҕыт. Дьиҥэр, Халыма устун сытар үс улууһу тус-туһунан арааран үөрэтэн көрүөхтээххит, онтон сиэттэрэн улуустарынан туспа квота көрүллэригэр үлэ барыахтаах. Муксун биһиэхэ диэри кэлбэт. Онон квота эмиэ туһаныллыбакка хаалар. Оттон саамай күндү балыкпытыгар — муҥурга квота тиийбэт. Эбэтэр эһиги ааҕыыҕыт ситэтэ суох дуу?»

Улуустааҕы «Охотпользователи» кооператив бэрэссэдээтэлэ Илья Гаврилович Чукров: «90-ус сылларга биһиэхэ Халымаҕа 12 улахан балык учаастактара баара. Квота баларга эйэ-дэмнээхтик тарҕанара. Билигин бу барыта үрэллэн, балыксыттар биирдиилээн бытанан бултууллар, киһи ахсаана элбээтэ. Онон квота барыбытыгар тиийбэт буолан хаалла. Уопсайынан, тэрээһин өттүн көрүөххэ наада. Балык ыыр сирдэрин үөрэтэн көрүү наада дии саныыбын».

Оттон Арҕахтаахтан кэлбит Михаил Константинович Созонов Алаһыай эбэ сүнньүнэн эмиэ үс нэһилиэк сытарын (Сыбаатай, Арҕахтаах, Андрюшкино), маныаха эмиэ туспа арааран суоттаан көрүү наадатын ыйда.

Бу курдук этиниилэр кэннилэриттэн кэлбит специалист ити курдук сыныйан үөрэтиини баґарар буоллаххытына, улуус дьаһалтата үлэлэһиэн наада диэн ыйда. Ол курдук «Арктика дьыалаларыгар» Судаарыстыбаннай кэмитиэккэ сайаапка түһэрэн, уу биологическай ресурсаларын үөрэтэн көрүүгэ наадыйабыт диэн этиллиэхтээх диэтэ. Улуус дьаһалтатыттан баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы Светлана Алексеевна Третьякова итини боротокуолга киилэртэрдэ. Онон балыксыттар бу көрсүһүүттэн эрэх-турах сананан тарҕастылар.

This post was published on 22.04.2016 10:11 10:11