Алдан оройуонун Томмотугар 2024 сылга хатыыс, дьарҕаа, быйыт, бил ууһатар собуот тутуллара былааннанар. Ол туһунан регион сүрүн пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Эбийиэк кыаҕа 2,1 мөл устуука хатыыс уонна 0,3 мөл устуукалыы дьарҕаа, быйыт уонна бил буолар. Бырайыак «Железные дороги Якутии» хампаанньанан оҥоһуллар, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата өйүүр.
Собуот баар буолар учаастага «тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныыга сир» диэҥҥэ көһөрүлүннэ. «ЖДЯ» бэйэтин суотугар бырайыактыыр-чинчийэр үлэни ыытар, бырайыактыыр докумуону толорор.
Былаан быһыытынан, бу түөрт этээстээх аныгылыы оборудованиелаах эбийиэк буолар. Собуот үлэҕэ киирдэҕинэ экологияҕа бары өттүнэн табыгастаах, Алдан оройуонугар саҥа үлэ миэстэтэ тахсар, промышленнай туризм сайдыытыгар кыаҕы биэрэр.
Билигин балык собуота Чернышевскайга эрэ баар.
Сиһилии https://ysia.ru/novyj-zavod-po-razvedeniyu-ryb-planiruyut-postroit-v-yakutii-k-2024-godu/
This post was published on 18.01.2023 16:33 16:33