«Балбаахпын хаһаанар былаһааккабын хайдах оҥостобун? «Саха сирэ» хаһыакка ыстараап туһунан суруйбуккут, оттон мин тыа сиригэр судургутук, ороскуота суох хайдах оҥостобун?», — диэн ыйытыы киирдэ, суруйда Саха сирэ саайт.
Бу ыйытыыга Россельхознадзор Амур уобалаһынааҕы уонна Саха сиринээҕи салаатын сири уонна пестицид эргийиитин хонтуруоллуур салаа началынньыгын солбуйааччы Павла Адамова хоруйдаата:
— 248-с №-дээх «О побочных продуктах животноводства и о внесении изменений в отдельные законодательные акты РФ» Федеральнай сокуон этэринэн, балбааҕы харайыыга маннык ирдэбиллэр бааллар. Балбаах хаһааныллар былаһаакката төгүрүччү күрүөлэммит уонна сиик, уу тахсар ханаабалаах буолуохтаах. Оттон түгэҕэ сиэмэн, 20 см халыҥнаах туой буор эбэтэр герметичнэй салапаан буолуохтаах. Маннык былаһаакка дьиэ кыылын иитэр сиртэн тэйиччи туруохтаах. Былаһаакка үрдэ сабыылаах буолара ирдэниллибэт.
This post was published on 14.05.2024 16:01 16:01