Балбаах сокуонугар ыытыллар суруктар сыыһалардаах кэлэллэр

Хаартыска: СИА

Былырыын кулун тутар 1 күнүттэн 248 №-дээх «О побочных продуктах животноводства и о внесении изменений в отдельные законодательные акты РФ» диэн «Балбаах» сокуона үлэтин саҕалаабыта. Бу сокуон олоххо киириэҕиттэн хаһаайыстыба тутар тыа сирин олохтоохторо балбааҕы хайдах харайыы туһунан толкуйга түспүттэрэ. Россельхознадзор Амур уобалаһынааҕы уонна Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бүгүҥҥү күҥҥэ 236 сурук (уведомление) улуустартан киирбит.

Ордук элбэх сурук Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан киирбит. Ол курдук, 49 сурук кэлбит. Таатта улууһуттан 33 сурук киирбит. Хаҥалас улууһуттан 31 сурук кэлбит. Ол эрээри бу кэлбит суруктар үгүстэрэ, ол эбэтэр 80%-на сыыһалардаах толоруллубута билиннэ.

Холобур, ИНН, ОГРН, ону таһынан төһө балбааҕы харайыы эҥин ыйыллыбатах. Ол эрээри Управление официальнай сайтыгар «Деятельность» диэҥҥэ  «Побочные продукты животноводства» диэн баар. Манна туох баар информация барыта сиһилии быһаарыллыбыт. Онон сайт нөҥүө барытын көрөн-ааҕан сиһилии үөрэтэргэ ыҥыраллар.

This post was published on 07.12.2023 17:01 17:01