Балаҕаннаахха гаас утаҕа киирдэ

Бу дьаһал СӨ тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ политикатын министиэристибэтинэн «Устойчивое развитие сельских территорий на 2014-2017 годы и на период до 2020 года» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн оҥоһулунна, диэн министиэристибэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 


Тэрээһиҥҥэ миниистир Александр Артемьев кыттыыны ылла. Кинини сэргэ айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев, тутуу дирекциятын салайааччыта Валентин Николаев, улуус баһылыга Владимир Поскачин балаҕаннаахтар өр күүппүт үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэһиннилэр.

Саҥа объект күүһэ 8,7 км. Тутуу сыаната 30,5 мөл.солк, ол иһигэр федеральнай бюджеттан 15 мөл. солк. көрүллүбүт. Сүрүн бэдэрээччитинэн «СтройИнжиниринг» тэрилтэ үлэлээтэ.

This post was published on 07.03.2016 14:13 14:13