Балаҕан ыйыттан Хатас-Павловскай икки ардынан мууһунан суолу оҥоруу үлэтэ барар

Балаҕан ыйыттан Хатас-Павловскай икки ардынан мууһунан суолу оҥоруу саҕаламмыта. Бу туһунан регион баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата Тырааныспар министиэристибэтигэр сигэнэн иһитиннэрдэ.

Ол курдук, бэдэрээтчиттэр Дьокуускай да, Мэҥэ Хаҥалас да өттүттэн үлэни саҕалаабыттара. Уҥа кытылтан Уус-Кумах арыытыгар тиийэр суолу бүтэрдилэр. Билигин арыыга кумахха ууну кутуу үлэтэ бара турар.

Балаҕан ыйтан Дьокуускай өттүттэн 4,2 км усталаах туорааһыҥҥа тиийэр суолу оҥордулар, хонтуруоллуур пост былассааккатын бэлэмнээтилэр.

This post was published on 07.11.2023 18:03 18:03