Балаҕан ыйыттан Хатас-Павловскай икки ардынан мууһунан суолу оҥоруу саҕаламмыта. Бу туһунан регион баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата Тырааныспар министиэристибэтигэр сигэнэн иһитиннэрдэ.
Ол курдук, бэдэрээтчиттэр Дьокуускай да, Мэҥэ Хаҥалас да өттүттэн үлэни саҕалаабыттара. Уҥа кытылтан Уус-Кумах арыытыгар тиийэр суолу бүтэрдилэр. Билигин арыыга кумахха ууну кутуу үлэтэ бара турар.
Балаҕан ыйтан Дьокуускай өттүттэн 4,2 км усталаах туорааһыҥҥа тиийэр суолу оҥордулар, хонтуруоллуур пост былассааккатын бэлэмнээтилэр.