Балаҕан ыйын 8 күнүгэр ХНТ Ааҕыы-суруйуу аан дойдутааҕы күнэ — Холбоһуктаах наассыйалар тэрилтэлэрин иһинэн бэлиэтэнэр күн, Физиотерапия аан дойдутааҕы күнэ (Физиотерапия конфедерацията төрүттэммит күнэ, 1951 сыл, Копенгаген), Суруналыыстар сомоҕолоһууларын күнэ диэн бэлиэтиир Бикипиэдьийэ. 1930 сыллаахха 3M хампаанньа үлэһитэ Ричард Дрю дьэҥкир сыстаҕас лиэнтэни (скотч) айбыт.
- Андорра — Дойду күнэ
- Испания — Волонтер күнэ
- Македония — Тутулуга суох буолуу күнэ (Югославияттан, 1991)
- Мальта — Кыайыы күнэ
- Пакистаан — Пакистаан сэбилэниилээх күүстэрэ 1965 с. Ииндийэни кыайбыт күннэрэ (Дварка операция)
- Арассыыйа — Бородино кыргыһыытын күнэ
- Ленинград көмүскээччилэрин ахтан ааһар күн. Ленинград блокаадатын саҕаланыыта (1941 сыл)
Түбэлтэлэр
- 1380 — Алтан Ордууга гражданскай сэрии («Улуу Кэхтии») буола турдаҕына Куликово кыргыһыытыгар Дмитрий Донской салайар нуучча сэриитэ Мамай салайар татаар сэриитин кыайбыт.
- 1636 — Аан дойдуга биир бастыҥ Гарвард университета олохтоммут. Бу университеты 8 АХШ бэрэсидьиэнэ, 188 билигин баар миллиардердар уо.д.а. биллиилээх дьон бүтэрбиттэрэ. Ону кытары 160 Нобель бириэмийэтин лауреата Гарвардка үөрэммитэ эбэтэр үлэлээбитэ биллэр.
- 1920 — Сибревком Саха сиринээҕи боломуочунайа Максим Аммосов РКП(б) Саха сиринээҕи тэрийэр бюротун мунньаҕар Саха уобалаһыгар күбүөрүнэ бырааба бэриллибитинэн тэрийэр бюрону уларытар туһунан эппит.
- 1923 — Бүтүн Арассыыйатааҕы көрбөттөр уопсастыбалара тэриллибит.
- 1925 — Сибиирдээҕи байыаннай уокурук командующайын бирикээһинэн Дьокуускайга Саха национальнай байыаннай оскуолатын (ЯНВШ) тэрээһинэ саҕаламмыт. Оскуола начаалынньыгынан 35-с Сибирскэй дивизия 106-с стрелковай полкатыгар рота хамандыыра В.Е. Пшенников анаммыт. Бу Былатыан Ойуунускай көҕүлээһининэн тэриллибит оскуола алын сүһүөх хамандыырдары 1927 сылтан 1941 сыллаахха диэри бэлэмнээн таһаартаабыта.
- 1930 — 3M хампаанньа үлэһитэ Ричард Дрю дьэҥкир сыстаҕас лиэнтэни (скотч) айбыт.
- 1941 — Ниэмэс аармыйата Ленинграды соҕуруу өттүттэн төгүрүйбүт, блокада саҕаламмыт. Блокада кэмигэр Ленинград 3 мөл. кэриҥэ олохтооҕуттан 600 тыһыынчаттан 1.5 мөлүйүөҥҥэ диэри киһи хоргуйан өлбүт. Блокада 872 күнүнэн 1944 сыл тохсунньу 27 күнүгэр түмүктэммитэ.
- 2011 — Аан дойдуга Ойуур сыла биллэриллибитинэн Дьокуускайга ойуур үлэһиттэрин сийиэһэ буолбут. «СӨ ойуурун үлэһиттэрин уопсастыбата» түмэт-тэрилтэ тэриллибит.
- 2013 — Арассыыйаҕа биирдэһиллибит быыбар күнэ буолбут. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бу күн Ил Түмэн саҥа састаабын талбыттар. Быыбар түмүгүнэн 51 мандааты Биир ньыгыл Арассыыйа баартыйата ылбыт, тоҕус мандааты «сиэрдээхтэр», биэһи КПРФ, биирдии миэстэни ЛДПР уонна Арассыыйа дьахталлара, үс мандааты бэйэлэрин туруоруммут дьон ылбыттар.
Төрөөбүттэр
- 1908 — Кондрат Мацкепладзе — Социалистыы Үлэ Дьоруойа, Өймөкөөн көмүһү хостуур бырамыысыланнаһын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ.
- 1946 — Василий Илларионов — олоҥхону үөрэтээччи, фольклорист, филология билимин доктора, профессор.
- 1948 — Зоя Попова — П.А. Ойуунускай аатынан Академическай Саха тыйаатырын артыыһа, киинэ артыыһа.
- 1958 — Ньургун Иванов — Саха сирин топонимнарын (сирдэр, уулар ааттарын) үөрэтэр чинчийээччи, филология билимин хандьыдаата, Багдарыын Сүлбэ улахан уола.
- 1960 — Василий Нестеров — СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна.
Өлбүттэр
- 1982 — Григорий Тарскай — тылбаасчыт уонна библиограф, ССРС суруналыыстарын уонна суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
- 2012 — Дмитрий Зверев (11.06.1939 төр.) — прозаик-публицист, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ.
This post was published on 08.09.2021 09:01 09:01