Тхэквондо Соҕуруу Кореяҕа 1945 сыл кэннэ үөскээбит спорт көрүҥэ. Илиҥҥи дойдулар бойобуой искусстволарыгар саамай эдэрдэрэ буолар. Бу күн араас күрэхтэһиилэр, спорт көрүҥүн көрдөрүүлэр,бырааһынньыктааҕы кэнсиэртэр буолаллар.
Өссө бу күн оҕунан ытыы аан дойдутааҕы федерацията — World Archery (FITA) Украина Львов куоратыгар тэриллибит. Ити сылтан саҕалаан Аан дойду чемионаттара ыытыллан барбыттар. Оҕунан ытыы 1900 сыллаахтан Олимпийскай көрүҥүнэн буолар.
Саха сиригэр 2014 сылтан “Бриллиантовые стрелы Якутии” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы оҕунан ытыыга турнир ыытыллар. 2017 сылтан күрэхтэһии Оҕунан ытыыга аан дойдутааҕы федерациятын — World Archery – халандаарыгар киирэн, ыытыллар.
Балаҕан ыйын 4 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 247-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 248-c күнэ). Сыл бүтүө 118 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- Тхэквондо аан дойдутааҕы күнэ[1][2].
- Оҕунан ытыы аан дойдутааҕы күнэ (FITA тэриллибит күнэ)
- Аргентина — Иммигрант күнэ.
Түбэлтэлэр:
- 476 — Римляннарга сулууспалаабыт варвардар баһылыктара Одоакр Арҕаа Рим импиэрийэтин бүтэһик импэрээтэрин Ромул Августулу бүрүстүөлүттэн суулларбыт, онон Арҕаа Рим импиэрийэтэ суох буолбут.
- 1781 — 44 Испания киһитэ Лос-Андьелеһы олохтообуттар. Саҥа дириэбинэлэригэр биэрбит ааттара — Эль-Пуэбло-де-Нуэстра-Сеньора-ла-Рейна-де-лос-Анхелес. Билигин Лос Андьелес АХШ иккис улахан куората уонна аан дойду таһымнаах эргиэн, аралдьыйыы, култуура, масс медиа, мода, үөрэх, технология уонна үөрэҕирии киинэ буолар.
- 1799 — Арассыыйа импиэрийэтигэр куорат быраабалара олохтоммуттар.
- 1886 — Апач индеецтэр баһылыктара Джеронимо 30 сыллаах охсуһуу кэнниттэн АХШ аармыйатыгар бэриммит. Кини баһыйар ахсааннаах Мексика уонна АХШ сэриилэригэр саба түһүүлэргэ хорсун быһыытынан уонна таба туттарбатынан аатырбыта.
- 1944 — Финляндия ССРС аармыйатын утары сэриини тохтоппут.
- 1962 — Карибскай кризис саҕаланыыта: АХШ бэрэсидьиэнэ Джон Кеннеди Кууба салайааччытыгар Фидель Кастроҕа ханнык баҕарар бэйэтин интэриэһигэр сөп түбэспэт дьайыыны утаран сэрии биллэриэн туһунан сэрэтии биллэрбит; ол күн Москуба АХШ Куубаҕа саба түстэҕинэ аан дойду сэриитэ саҕаланыан сөбүн туһунан биллэрбит.
- 1975 — Телеэфиргэ бастакытын «Что? Где? Когда?» оонньуу көстүбүт.
- 1991 — Свердловскай куоратыгар урукку аата төннөрүллүбүт — Екатеринбург.
- 1998 — Стэнфорд университетын икки аспирана Ларри Пейдж уонна Сергей Брин Google хампаанньаны төрүттээбиттэр.
Төрөөбүттэр:
- 1902 — Афанасий Новгородов — устуоруйа билимин дуоктара, профессор, Саха АССР билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, Гражданскай сэрии кыттыылааҕа.
- 1906 — Дмитрий Гурьев — хирург-новатор, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх бырааһа.
- 1917 — Дмитрий Макаров — бөлөһүөпүйэ хандьыдаата, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
- 1940 — Василий Дедюкин — бэйиэт, оскуола учуутала.
- 1943 — Исай Капитонов — саха живописеһа.
Өлбүттэр:
- 1988 — Терентий Аммосов (02.04.1912 төр.) — биллиилээх саха муосчута, Саха АССР норуодунай худуоһунньуга.
- 1991 — Матрена Корнилова (11.04.1915 төр.) — Социалистыы Үлэ Дьоруойа, оҕуруот аһын үүннэрээччи.
- 1999 — Иван Сысолятин — бэйиэт, прозаик, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
This post was published on 04.09.2020 09:01 09:01