Балаҕан ыйын 30 күнүн бэлиэтэ:
- Тылбаас аан дойдутааҕы күнэ (Тылбаасчыттар аан дойдутааҕы федерациялара 1991 сыллаахха олохтообута)
- Рунет (нуучча тыллаах аан ситим) Интэриниэт күнүн бэлиэтиир. Бу күнү 1998 сыллаахха хас да IT-фирма көҕүлээн бэлиэтээбиттэрэ, онтон үгэс буолан хаалбыта. Маны таһынан муус устар 7 күнүгэр Рунет үөскээбит күнэ бэлиэтэнэр (бу күн 1994 сыллаахха .RU домен баар буолбута)
- Абхазия Өрөспүүбүлүкэтэ — Тутулуга суох буолуу күнэ[1]
- Ботсвана — Тутулуга суох буолуу күнэ, 1966, Британияттан
- Казахстаан — Суут-сокуон (юстиция) үлэһиттэрин күнэ
- Миэксикэ — Морелос төрөөбүт күнэ. 1765 сыллаахха Хосе Мария Морелос-и-Павон диэн Миэксикэ дойдутун төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ төрөөбүт
- Польша — Уол оҕо күнэ (Dzień Chłopaka). Кыргыттар уолаттарга бэлэх оҥороллор
- Сан-Томе уонна Принсипи — Тыа хаһаайыстыбатын уларыта тутуу күнэ
- Украина — Бүтүн Украинатааҕы бибилэтиэкэ күнэ
- Украина — Оҕону ииттии күнэ
Түбэлтэлэр
- 737 — Түргис диэн түүр биис-уустара Омейадтар («Умайаа уолаттара», араабтар) аармыйаларын Амударья үөһээ тардыытыгар кыргыһыыга үлтүрүппүттэр, инньэ гынан араабтары бэйэлэрин дойдуларыттан Тураантан (Трансоксиана, Мевараннахр уо. д.а. ааттарынан биллэр Сырдарья уонна Амударья өрүстэр ыккардыларыгар сытар сир) үүрбүттэр.
- 1520 — Осмаан Импиэрийэтин султаанынан Үтүөкэн Сулейман буолбут.
- 1882 — АХШ Висконсин штатыгар электричествоны элбэх туһанааччыга тарҕатар бастакы гидроэлектростанция үлэтин саҕалаабыт. ГЭС кумааҕы собуотун, собуот хаһаайынын дьиэтин уонна ыаллыы турар дьиэлэри хааччыйар эбит.
- 1923 — Москубаҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы тыа хаһаайыстыбатын I быыстапкатыгар Саха сирин павильона аһыллыбыт. Тэрийээччи Василий Никифоров-Күлүмнүүр тыл эппит. Онно 40-ча экспонаат кыттыбыт. Онтон сороҕо эһиилигэр Рим куоракка буолбут Аан дойдутааҕы быыстапкаҕа ыытыллыбыт.
- 1928 — Англия микробиолога Александр Флеминг пенициллины арыйбытын туһунан биллэрбит. Аан дойдуга антибиотик эрата саҕаламмыт.
- 1928 — «Правда» хаһыакка Николай Бухарин «Заметки экономиста» диэн Сталин экэниэмикэҕэ бэлиитикэтин кириитикэлиир ыстатыйата тахсыбыт.
- 1938 — Улуу Британия, Франция, Германия уонна Италия Мюнхеннааҕы сөбүлэҥ түһэрсибиттэр. Чехословакияҕа ньиэмэстэр олорор эрэгийиэннэрин, Судет сирин, Германия аннексиялаан ылыан сөп диэн сөбүлэспиттэр.
- 1941 — Москуба иһин кыргыһыы саҕаламмыт. Ньиэмэстэр «Тайфун» операция чэрчитинэн Москубаҕа кимэн киириини саҕалаабыттар.
- 1954 — АХШ бастакы атомнай уу аннынан сылдьар хараабылын үлэҕэ киллэрбит. Билигин маннык уу аннынан сылдьар ракеталаах хараабыллар Арассыыйа уонна АХШ ядернай күүстэрин биир сүрүн элэмиэнэ буолаллар.
- 1995 — Тува судаарыстыбаннай университета тэриллибит.
- 1999 — Арассыыйа сэбилэниилээх күүстэрэ Чечняҕа киирбиттэр. Бу иннинэ Басаев салайааччылаах боевиктар Дагестаҥҥа кимэн киирбиттэрэ, Арассыыйа авиацията Грознайы буомбалаабыта. Чечня иккис сэриитэ саҕаламмыта.
- 2015 — Арассыыйа сэриитин Сирияҕа киллэриитэ саҕаламмыт.
Төрөөбүттэр
- 1917 — Пак Чон Хи — 1962-1979 сылларга Соҕуруу Кэриэйэ бэрэсидьиэнэ. Кини диктатордыы салайыытынан Соҕуруу Кэриэйэ балысхан сайдыыны ситиспитэ, быстар дьадаҥы олохтон төлө көппүтэ. Пак Чон Хи кэмигэр олоххо киирбит бырайыактар: суоллары тутуу, POSCO диэн баараҕай тимир уһаарар собуот, биэс сыллаах былааннар, «Саҥа дэриэбинэ» бырайыак.
- 1941 — Анастасия Мыреева — филология билимин дуоктара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ.
Өлбүттэр
- 1626 — Айсиньгиоро Нурхачи — үс үйэ тухары Кытайы бас билэн олорбут маньчжур импиэрийэтин төрүттээччи. Маньчжурдар — эбэҥки тыллаах былыргы омук.
- 2012 — Федор Постников — Арчы Сүөдэр — суруйааччы, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Таатта улууһун сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына, педагогическай үлэ бэтэрээнэ.
This post was published on 30.09.2021 08:51 08:51