Хой
Бу кэмҥэ уһун болдьохтоох былааннааһынтан аккаастаныҥ. Тугу гынаргытыгар толору эппиэтинэстээх буолуҥ.
Оҕус
Бары дьоҕургутун, талааҥҥытын көрдөрө сатааҥ. Эн дьон хараҕын далыгар сылдьаҕын.
Игирэлэр
Кэнники кэмҥэ туохтан эрэ харааста сылдьаҕын. Стресс ыарыы төрүөтэ буолуон сөп. Ону сэрэтээри, психоэмоциальнай туруккар кыһаллыаххын наада.
Рак
Атын дьон кыһалҕаларын быһаарыыга, мөккүөргэ олус элбэхтик кыттыаххын сөп. Сынньанар уонна үчүгэй санаалаах дьону кытта бодоруһар туһалаах буолуо.
Хахай
Утарсааччыларгар бэринэр уонна хотторор олус ыарахан. Ол эрээри итинник быһылааннар билигин компромисска барыахтарын наада.
Кыыс
Олоххун үчүгэйгэ уларытар кэм кэллэ. Ол туһунан толкуйдаҥ, үчүгэй кэм кэллэ.
Ыйааһын
Бэйэн алҕастаргын тутатына билинэр ордук, искэр тута сылдьыма. Кэнэҕэс бу кэми мичээрдээн, махтанан туран ахтыан.
Скорпион
Эһиги иэйиигит бүгүн сытыырхайар кэмэ. Интуициян араас балаһыанньаҕа хайдах киириэххэ сөбүн кэпсиэҕэ.
Охчут
Бу күн эйигиттэн элбэх сыраны, кыһамньыны эрэйэр, элбэх үлэни оҥоруоххун наада.
Чубуку
Сулустар сотору кэминэн эһиги олоххутугар үтүө эрэ түбэлтэлэр тахсыахтара диэн эрэнэллэр.
Күрүлгэн
Бүгүн ис иһиттэн саҥа оҥоһуллан тахсыан сөп. Дьоһуннаах быһаарыылары ылан, өйгүтүгэр салайтарыҥ.
Балыктар
Күн бүгүн дьыалабыай сибээс дэлэйэ эһигини бэйэтин иһиттэн таһаарыан сөп. Араас дьону кытта бодоруһуу олус элбэх. Онон киэһэ бэйэҕит күүскүтүн- кыаххытын толороору, соҕотохсуйан, сибиэһэй салгынынан тыынаргыт наада.
Эҥсиэли