Хой
Таһаарыылаах күн күүтэр, күн устата түбүк бөҕөтө көрсүөҥ, киэһэлик дьикти сонун күүтэр.
Оҕус
Бүтэрэ илик дьыалаҕын түмүктүүргэ кыһалыҥ. Табаарыстаргын кытары алтыһартан аккаастанар оруна суох.
Игирэлэр
Бэйэҥ тускунан бүтэһик саныыр табыллыбат. Дьон тылыгар киирэн биэрэ сатаама.
Рак
Харчы боппуруоһа сытыытык туруоҕа. Дьыалабыай көрсүһүүлэри бүгүн анаабат ордук.
Хахай
Аймах билэ дьонуҥ эн сүбэҕэр-амаҕар, күүс-көмө буоларгар наадыйаллар.
Кыыс
«Киһи тыла — ох» диэн мээнэҕэ эппэттэр, эккин-хааҥҥын чэбдигирдэр туһугар кыһалыҥ.
Ыйааһын
Үлэҕэр, үөрэххэр ситиһии күүтэр, доруобуйаҕын көрүнэ сырыт.
Скорпион
Бэйэҕэр эрэлин, күүстээх санааҥ эн олоххор сырдык кэми мантан ыла түстүүр.
Охчут
Айылҕаҕа тахсан сынньанар ордук туһалаах буолуо.
Чубуку
Бэйэҕин, бэйэҥ санаан туһунан санаа. Дьон кыһалҕатын быһаара сылдьан бэйэҕин умнан кэбиһэр кутталлаах.
Күрүлгэн
Көмө көрдүүр туох да куһаҕана суох, ким баҕар күүстээх уонна мөлтөх өрүттээх.
Балыктар
Эн санааҥ олох күүлэй эрэ туһунан, дьиэтээҕилэргин умнума.
Эҥсиэли
This post was published on 03.09.2024 09:11 09:11