Балаҕан ыйын 3 күнүгэр ким баҕалаах “Кыайыы дьыктаанын” суруйуо. Бүтүн арассыыйатааҕы аахсыйаҕа 5 тыһ итэҕэһэ суох нэһилиэнньэлээх бөһүөлэктэр, куорат олохтоохторо кыттыахтарын сөп. Бу туһунан СИА суруйар.
Дьыктааны суруйуон баҕалаахтар диктантпобеды.рф саайтка бэлиэтэнэллэр. Бырайыак координатора Елена Голомарева дьыктааны эрдэ, онлайн эбэтэр БКЭ курдук оскуолаларга кэлэн суруйуохха сөп диир. Маныаха сөптөөх форманы диктантпобеды.рф саайтка эрдэттэн талыахха сөп.
«Кыайыы 75 сылыгар анаммыт тэрээһиҥҥэ эдэр дьон кыттыа диэн эрэллээхпит. Ол иһин дьыктааны өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар тэрийэбит», — диир Елена Голомарева.
This post was published on 06.08.2020 11:01 11:01