Балаҕан ыйын 28 күнэ. «Көҥүл Арассыыйа» алмаас дьылҕата - Бикипиэдьийэ

167101 22.07.1993 The 241.8 carat Free Russia diamond was mined on September 28, 1991, in the Sytykanskaya kimberlite pipe in Yakutia. Preserved at the Gokhran Yuriy Somov / Sputnik

Бэлиэ күннэр

  •  ХНТ — Иириини (бешенствоны) утары охсуһуу аан дойдутааҕы күнэ. Учуонай Луи Пастер өлбүт күнүгэр бэлиэтэнэр. Иирии вируһа киһиэхэ кыыллартан бэриллэр (үксүн ытырыы содула), сайдыылаах дойдуларга дэҥҥэ көстөр буолан дьон үчүгэйдик билбэт ыарыыта. Ыалдьыбыт киһи үксэ өлөр.
  •  ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы информацияны көҥүл ылар кыах күнэ. 2019 сыллаахха ХНТ сүрүн ассамблеята олохтообут, ол эрээри уруккуттан, 2002 сыллаахтан Африка уопсастыбанньыктарын көҕүлээһининэн Информацияҕа быраап күнүн быһыытынан бэлиэтииллэр.
  • Хоргуйууттан босхолонуу күнэ. Аан бастаан 2006 сыллаахха хоргуйууга дьон болҕомтотун тардаары «Хоргуйууттан босхолонуу» диэн аан дойдуга үлэлиир тэрилтэ (Freedom from Hunger, 1946 сыллаахха төрүттэммит аһымал тэрилтэтэ) бэлиэтээбит, кэлин атыттар өйөөбүттэр. Ордук киэҥник Ииндия, Соҕуруу Америка, Арҕаа Африка уонна Пилипиин сирдэригэр олорор дьон олоҕор-дьаһаҕар болҕомто тардыллар.
  •  Арассыыйа Казахстаан — Аатом бырамыысыланнаһын үлэһиттэрин күнэ.
  •  Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ — Учуутал күнэ. Конфуцийга аналлаах тэрээһиннэр ыытыллаллар.
  •  Пилипиин — Оҕону туһанар порнографияны утары охсуһар күн.
  •  Чехия — Судаарыстыбаннас күнэ. Вацлав кинээс (чх Svatý Václav935 сыллаахха өлбүт күнүгэр бэлиэтэнэр.

Түбэлтэлэр

  • 1769 — Коллежскай асессор Дмитрий Афросимов Саха сирин бойобуодатынан анаммыт. Кини бу солоҕо 1772 сыл ахсынньы 1 күнүгэр дылы сулууспалаабыта.
  • 1773 — Емельян Пугачёв салалталаах 1773—1775 сыллардааҕы Бааһынай сэриитэ диэн ааттаммыт өрө туруу саҕаламмыт. Яик кириэппэһиттэн (билигин Казахстаан Орал (Уральскай) куората) ол саҕана Яик диэн ааттанар (билигин Ураал) өрүһүнэн 85 км аллара турар Бударинскай диэн форпоска хаһаактар бастаан өрө турбуттар.
  • 1864 — Бастакы Интернационал төрүттэммит — Дойдулар ардыларынааҕы үлэһиттэр түмсүүлэрэ.
  • 1889 — Генеральнай кээмэй уонна ыйааһын конференциятыгар метр устатын уонна килограмм ыйааһынын быһаарбыттар.
  • 1927 — Илин Хаҥалас улууһугар Кудома диэн сиргэ Павел Ксенофонтов «Саҥа сахалар омуктарын сэбиэскэй социалистыы конфедералиистар баартыйалара» («Младо-якутская национальная советская социалистическая партия конфедералистов») тэриллибитин туһунан биллэрбит.
  • 1928 — Британия микробиолога Александр Флеминг лабораториятыгар биир грибок бактериялары өлөрөрүн бэлиэтии көрбүт. Кэлин ити грибоктан таһаарыллыбыт пенициллин диэн вещество бастакы арыйыллыбыт антибиотик буолбут. Антибиотиктар инфекциялары утары ситиһиилээхтик туттуллар буоланнар аан дойду устуоруйатыгар саамай улахан суолталаах арыйыыларга киирсэллэр.
  • 1991 — Айхаллааҕы хайа-байытар кэмбинээккэ бөдөҥ сэдэх дьэҥкир алмаас булуллубут. Ыйааһына 241,8 караат. СӨ бырабыыталыстыбата бу сыл атырдьах ыйыгар ГКЧП хам баттаммытын кэрэһилээн, бу тааһы «Көҥүл Арассыыйа» диэн ааттаабыт уонна Алмаас пуондатыгар Кремльгэ туттарбыт.
  • 1992 — СӨ бэрэсидьиэнин ыйааҕынан «СахаИнвест» Инвестициялыыр Пуонда тэриллибит.
  • 2004 — Гуманитарнай чинчийии институутугар «Саха сиригэр либерализм устуоруйата» диэн ааттаах научнай практическай кэмпириэнсийэ буолан ааспыт. Ыҥырыылаах ыалдьытынан философия наукатын дуоктара, профессор, «Русское либеральное наследие» пуонда бэрэсидьиэнэ Алексей Кара-Мурза кэлэ сылдьыбыт.
  • 2006 — Саха Национальнай уус-уран түмэлигэр Санкт-Петербургтааҕы Нуучча түмэлэ «Три века русского искусства» диэн бэйэтин быыстапкатын арыйбыт. Быыстапкаҕа сыл бүтүөр дылы нуучча ойуулуур искусствотын XVIII — ХХ үйэлэрин 65 шедеврэ көрдөрүллүбүттэр.
  • 2011 — Егор Борисов салалталаах СӨ официальнай дэлэгээссийэтэ Британияҕа сырыытын саҕалаабыт. Лондоннааҕы фонда биржатын бэрэсидьиэнин Ксавье Ролены, «Macquarie Renessance» пуонда толорооччу дириэктэрин Эндрю Коулины, Европатааҕы реконструкция уонна сайдыы баанын (ЕБРР) бэрэсидьиэнин Томас Мировтыын көрсүһүүлэр буолбуттар.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

С8р8н хаартыска ситимтэн ылылынна.

This post was published on 28.09.2021 08:51 08:51