3 Сэтинньи 03.11
  • -26°
  • $ 97,55
  • 106,14

Балаҕан ыйын 26 күнэ. Гороскоп

09:19, 26 сентября
Хаартыска: ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хой

Айанныырга табыгастаах күн, бүгүн элбэх тэрээһиннэргэ эйигин дьол-соргу күүтэр. Күн бастакы аҥарыгар бэйэҕит дьыалаҕытын түмүктүүргэ кыһаллыҥ, оттон иккис аҥарыгар элбэх сырыы уонна тыҥааһыннаах дьаһаллар күүтэллэр.

Оҕус

Куттал эйиэхэ бүгүн суоһаабат. Айанныыргытыттан уонна доҕотторгутун кытта көрсүһүүттэн аккаастанымаҥ – ол барыта таһаарыылаах уонна эһиэхэ туһаны аҕалыаҕа диэн сулустар эрэннэрэллэр.

Игирэлэр

Бары өттүттэн холку уонна таһаарыылаах күн, онуоха эһиги хайдах да гыммыккыт иһин, сөптөөх таһымҥа тахсыаххыт. Сорох игирэлэр былааннарын уларытыахтарын наада. Иирсээннэртэн сэрэниҥ – бүгүн эһиги итэҕэйэр дьоҥҥут сыһыаҥҥытын эмискэ сытыырхатыыга тириэрдиэхтэрин сөп.

Рак

Саҥа этиигэ тутатына сөбүлэһэртэн туттунуҥ. Бүгүн эһиэхэ судургу сорудахтар өлгөмнүк ылыллыахтара, оттон сорох суһал дьыалалар былааннаммыт сыалтан ураты буолуохтара.

Хахай

Бириэмэни тиэтэтимэҥ, билигин ылыллыбыт быһаарыылар эһиги инники кэскилгитин, ис дьиҥнээхтик өйдөһөр, үчүгэйдик толкуйдуур дьоҕургутун уларытыахтарын сөп. Күн иккис аҥарыгар кимиэхэ да эрэннэриини биэримэҥ – ону кэмигэр толороргут уустуктардаах буолуо.

Кыыс

Болҕомтолоох уонна сэрэхтээх буоларын бүгүн булгуччулаах. Уопуттаах дьону кытта сүбэлэһиҥ, эбэтэр үчүгэйдик билэр дьоҥҥо эрэниҥ.

Ыйааһын

Эн атын дьон иирсээнигэр орооһуоххун сөп. Бүгүн күн бастакы аҥарыгар басхан хаачыстыбаҕын көрдөрүөххүн наада.

Скорпион

Түгэни тиэтэтимэҥ, туора дьон дьыалатыгар орооһумаҥ. Инники былааннаргын уларыппат ордук.

Охчут

Сулустар олус умсугутуулаах күнү билгэлииллэр. Сүбэ- ама наада буолар түгэнигэр аккаастаммат оруннаах, чугас дьоҥҥор, доҕотторгор көмөлөһөргө кыһаныҥ.

Чубуку

Бүгүн эһиги баҕарбыккыт курдук түргэнник сатанан табыллан иһиэ суоҕа. Ол онтон наһаа кыйахаммат ордук, бэйэтэ туолар кэмигэр барыта баар буолуо, кэтэһэ түс.

Күрүлгэн

Бэйэҕиттэн олус элбэҕи күүтүмэ – тиэтэйии, ордук күн бастакы аҥарыгар баар буолуо. Бүгүн эһиги иннигитигэр араас мэһэйдэр үөскүөхтэрин сөп. Күн иккис аҥарыгар доҕоттор сүбэлэрин истиҥ-кинилэр эһиэхэ туһалаах, наадалаах буолуохтара.

Балыктар

Саҥа саҕалаһыннары түстүүргэ тоҕоостоох кэм. Үп-харчы боппуруоһа судургутук быһаарыллыа.

Эҥсиэли

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар