Балаҕан ыйын 26 күнэ. 1892 сыллаахха Марина Цветаева төрөөбүтэ - Бикипиэдьийэ

Балаҕан ыйын 26 күнүгэр 1892 сыллаахха Марина Цветаева төрөөбүтэ. Кинини нуучча бэйиэтэ, тылбаасчыта, XX үйэ бөдөҥ бэйиэттэриттэн биирдэстэрэ диэн билэбит.

Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 1580 — Аатырбыт Англия пирата Фрэнсис Дрейк аан дойдуну эргийэн дойдутугар тиийбит.
  • 1887 — АХШ айааччыта Эмиль Берлинер граммофону патеннаабыт.
  • 1960 — Куба баһылыга Фидель Кастро ХНТ устуоруйатыгар саамай уһун тылы эппит — 4 чаас 29 мүнүүтэ.
  • 1983 — Сэбиэскэй Сойууска дьуһуурунай офицер Станислав Петров ядернай ракета көтөн иһэр сигналын сымыйа диэн быһаарбыт, «тревога» биллэрбэтэх. Инньэ гынан ядернай сэрии саҕаланыахтааҕын мүлчүрүппүт. Кэлин киниэхэ элбэх дойдулар ардыларынааҕы наҕараадалары туттарбыттара, кини туһунан «Аан дойдуну быыһаабыт киһи» диэн киинэ устубуттара.
  • 2003 — Википедия иннинээҕи Нупедия үлэтэ тохтотуллубут.
  • 2008 — Монголия киин куоратын Улаанбаатар кытыытыгар Чыҥыс Хаан саамай улахан статуята аһыллыбыт, үрдүгэ — 40 м.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

This post was published on 26.09.2021 09:01 09:01