Балаҕан ыйын 24 күнэ. Караванщик күнэ - Бикипиэдьийэ

Караванщик, о.э. билиҥҥи өйдөбүлүнэн таһаҕаһы тиэйээччилэр күннэрин аан дойдуга 1995 сыллаахтан бэлиэтииллэр. Идэлээх күннэрин уу эбэтэр айан суолунан таһаҕаһы тиэйээччилэр үксүн үлэлэригэр — айаҥҥа көрсөллөр.


Балаҕан ыйын 24 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 267-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 268-c күнэ). Сыл бүтүө 98 күн баар.

Бэлиэ күннэр:

  • Дойдулар ардыларынааҕы караванщик күнэ
  •  Камбодьа — Конституция күнэ

Түбэлтэлэр:

  • 1852 — Дирижабль бастакы көтүүтэ. Француз Анри Жиффар көппүт.
  • 1932 — Индияҕа Махатма Ганди уонна Бабасахиб Амбедкар «тыытыллыбаттар» касталарыгар парламеҥҥа туспа квота көрүллэрин туһунан сөбүлэҥ түһэрсибиттэр.
  • 1960 — Аан дойдуга бастакы атомнай авианосец USS Энтерпрайз ууга түһэриллибит. Билигин маннык авианосецтар АХШ аан дойду далайыгар баһыйар күүс буоларын хааччыйаллар.
  • 1970 — ССРС «Луна-16» автоматическэй станцията Ый буорун Сиргэ аҕалбыт. Бу иннинэ Ый буорун АХШ астронавтара «Аполлон-11» уонна «Аполлон-12» миссияларыттан аҕалбыттара.

Төрөөбүттэр:

Өлбүттэр:

  • 1943 — Клавдий Краснояров (12.06.1907 төр.) — 1931 сылтан сэриигэ ыҥырыллыар диэри Дьокуускайга олорбут Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа (1944).
  • 1944 — Семён Достовалов — сэрии иннинэ Алдаҥҥа көмүс хостуур бириискэлэргэ горнягынан үлэлээбит Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа (1945).

This post was published on 24.09.2020 09:01 09:01