3 Сэтинньи 03.11
  • -26°
  • $ 97,55
  • 106,14

Балаҕан ыйын 24 күнэ. Гороскоп

09:17, 24 сентября
Хаартыска: ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хой

Саҥа күнү көхтөөхтүк атаарарга кыһаллыҥ, сөбүлүүр дьыалаҕытын оҥоро сатааҥ. Дьылҕа дьолу бэлэмнээбит, куоттарымаҥ. Уруккуттан сытар дьыалалары сөргүтэн, онно төннөн, олоххо киллэриҥ. Барыта табыллыа.

Оҕус

Үчүгэйи эрэ кытта ыаллаһыҥ, ханнык да уустук балаһыанньаҕа үчүгэй өрүттэрин көрө сатааҥ. Доҕоттору кытта сыһыан күүскэ уустугуруон сөп, онон көрсүһүүлэри аҕыйах хонук устата былааннаабат ордук. Мунньуллубут хом санаа ис туруккар дьайар, онон доруобуйаҕар бириэмэҕин уур, спордунан дьарыктан.

Игирэлэр

Үлэҕэр дьаныардаахтык сыһыаннаһаргын көрдөрдөххүнэ, оннооҕор аахсыбат түмүктэри ылыаҥ. Бүгүҥҥү киэһэни дьиэ кэргэҥҥин кытары атаарар ордук. Уопсай былааннары туруоруу уонна аһаҕас кэпсэтиилэр эһиги сыһыаҥҥытын бөҕөргөтүөхтэрэ.

Рак

Эн чугас киһиҥ эн болҕомтоҕор наадыйар. Бириэмэҕитин бииргэ атаарыҥ, бэйэҕит иэйиигитин кэпсээҥ, санааҕытын үллэстиҥ. Иирээн да, иирсээн да ылар түгэннэр баар буолуохтара. Аҥааран туран барытын холкутук быһаарсар ордук.

Хахай

Ис туругуҥ, санааҥ үрдүк таһымҥа тахсан көхтөөхтүк үлэлиэҥ. Күн бастакы аҥара ордук таһаарыылаахтык ааһыаҕа. Уустук боппуруостары быһаарыахха сөп.

Кыыс

Сулустар эйиэхэ сэмэй, киһиргээбэт буолуҥ диэн сүбэлииллэр. Эн тулалыыр эйгэҕэр ордугурҕааччылар баар буолуохтара, эн кэннигэр сылдьан хобу-сиби ырытыахтара.

Ыйааһын

Саҥа билсиһиилэри кытта сэрэхтээхтик сыһыаннаһыҥ. Баҕар, сорохторо эйигин албыҥҥа тириэрдиэхтэрин сөп эбэтэр бэйэлэрин тустарыгар туһаныахтарын баҕараллар. Ордук урукку доҕотторгун уонна коллегаларгын кытта алтыһар саамай сөптөөх. Тус олоххор кэккэ уустук түгэннэр баар буолуохтарын сөп. Сүрэҕин аҥарын истэргэ уонна уопсай быһаарыыны көрдүүргэ кыһалыҥ.

Скорпион

Саҥа күн эйиэхэ үчүгэй буолар диэн сулустар билгэлииллэр. Үбү-харчыны кытары үлэлиир дьоҥҥо үлэҕитигэр улахан ситиһии күүтэр.

Охчут

Оннук-маннык сэрэхтээх дьыалаларга кыттыспат, ылсыбат ордук, оннук санааттан аккаастаныҥ. Кинилэр эһиэхэ кыһалҕалары, сүтүктэри эрэ аҕалыахтарын сөп. Ол кэриэтэ чугас доҕотторун ортолоругар үөрэ-көтө, сынньана сылдьаргыт ордук.

Чубуку

Күн бастакы аҥарыгар эйиэхэ элбэх үлэ, эппиэтинэстээх дьыала күүтэр. Сүрэҕин аҥарын кытары истиҥ сыһыан олохтооҥ, кини баҕатын, баҕа санаатын ордук сэҥээр. Болҕомтоҕун уур, дьоһуннаахтык сыһыаннас.

Күрүлгэн

Уустук уонна улахан дьыаланы былааннаабыккын эрээри, ону ыларга арыый эрдэ курдук. Кэм-кэрдии, күүһү-уоҕу эрэ ороскуоттуоххут. Ол кэриэтэ илиинэн үлэнэн дьарыктаныҥ, урукку бырайыактары бүтэриҥ.

Балыктар

Элбэх сонун-нуобас, сүпсүлгэн түбүгэр сылдьаҕын. Ааспыты аахса барыма, холку буол уонна сыһыаннары чөлүгэр түһэрэргэ кыһан. Харса суох саҥа интэриэһинэй үлэни өрө тут. Ол эн олоххун уларытыа.

Эҥсиэли

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар