Балаҕан ыйын 24 чыыһылатын бэлиэ күннэрэ: дойдулар ардыларынааҕы караванщик күнэ, Камбодьа — Конституция күнэ, Перу — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ, Соҕуруу Африка — (култуураҕа) Нэһилиэстибэ күнэ, Гуинея-Биссау — Тутулуга суох буолуу күнэ (1973, Португалияттан), Саҥа Каледония — Саҥа Каледония күнэ, Тринидад уонна Тобаго — Өрөспүүбүлүкэ күнэ.
Түбэлтэлэр
- 1852 — Дирижабль бастакы көтүүтэ. Француз Анри Жиффар көппүт.
- 1853 — Контр-адмирал Огюст Фебврье-Деспуант Чуумпу далайга баар Саҥа Каледония арыытын Франция бас билиитинэн биллэрбит. Французтар манна хаайыы тэрийбиттэрэ.
- 1932 — Индияҕа Махатма Ганди уонна Бабасахиб Амбедкар «тыытыллыбаттар» касталарыгар парламеҥҥа туспа квота көрүллэрин туһунан сөбүлэҥ түһэрсибиттэр.
- 1948 — Дьоппуоҥҥа механик Соитиро Хонда Honda Motor хампаанньаны тэрийбит.
- 1960 — Аан дойдуга бастакы атомнай авианосец USS Энтерпрайз ууга түһэриллибит. Билигин маннык авианосецтар АХШ аан дойду далайыгар баһыйар күүс буоларын хааччыйаллар.
- 1970 — ССРС «Луна-16» автоматическай ыстаансыйа Ый буорун Сиргэ аҕалбыт. Бу иннинэ Ый буорун АХШ астронавтара «Аполлон-11» уонна «Аполлон-12» миссияларыттан аҕалбыттара.
- 2014 — Мангальян диэн Ииндийэ атын планетаҕа ыытыллыбыт бастакы станцията Марс орбитатыгар тиийбит.
Төрөөбүттэр
- 1902 — Рухолла Хомейни (аятолла Хомейни) — Иран итэҕэлин лиидэрэ уонна бэлиитигэ, 1979 сыллааҕы Ислам өрөбөлүүссүйэтин тэрийээччи уонна Ислам өрөспүүбүлүкэтин олохтооччу.
- 1911 — Константин Черненко — 1984-1985 сылларга ССКП КК Генеральнай сэкирэтээрэ.
- 1914 — Андрей Сивцев — Бүлүүтээҕи педагогика училищетын уонна Саха государственнай университетын преподавателэ. Бүлүүтээҕи педагогика училищетыгар литературнай куруһуок тэрийэн устудьуоннарга бобуулаах сахалыы уус-уран айымньылары аахтарбытын иһин 10 сылга хаайыллыбыт. Ол куруһуокка үөрэммиттэрэ: бэйиэт Иван Гоголев — Кындыл, суруйааччы Афанасий Федоров, кыраайы үөрэтээччи Багдарыын Сүлбэ, суруналыыс Нина Протопопова уо.д.а.
- 1927 — Виль Якупов — Саха государственнай университетын профессора, РФ наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ, геология-минералогия билимин доктора, РАЕН уонна Нью-Йорктааҕы Академиялар чилиэннэрэ.
Өлбүттэр
- 1943 — Клавдий Краснояров (12.06.1907 төр.) — 1931 сылтан сэриигэ ыҥырыллыар диэри Дьокуускайга олорбут Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа (1944).
- 1944 — Семён Достовалов — сэрии иннинэ Алдаҥҥа көмүс хостуур приискаларга горнягынан үлэлээбит Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа (1945).
This post was published on 24.09.2021 09:01 09:01