1906 сыллаахха балаҕан ыйын 2 күнүгэр Дьокуускайга эр дьоҥҥо аналлаах биэлсэр оскуолатын бастакы педсовета буолбут. Бу күнү Дьокуускайдааҕы С.Орджоникидзе аатынан мэдиссиинэ кэллиэһэ арыллыбыт күнүнэн ааҕыллар. Кэллиэһи быраас идэлээх В.А.Вонгродскай олохтообут. Бу киһи 1897 с. ахсынньыга Иркутскай губерния быраастарын I сийиэһигэр Дьокуускайга туспа биэксэл оскуолатын арыйар туһунан тыл эппит.
Дьокуускайдааҕы медицина техникума диэн ааты 1915 сыллаахха ылбыт. Онтон 1925 сыллаахха — Дьокуускайдааҕы биэксэл-акушер оскуолата диэн ааттанар. 1953 сыллаахха Дьокуускайдааҕы медицина училищата. Онтон 1993 сылтан билиҥҥи аатын ылбыт — Дьокуускайдааҕы медицина базовай колледжа.
1969 сыллаахха Интэриниэт төрөөбүт күннэриттэн биирдэстэрэ. Калифорния университетын лабораториятыгар икки көмпүүтэр ардыгар бастакы ситим олохтоммут.
Балаҕан ыйын 2 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 245-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 246-c күнэ). Сыл бүтүө 120 күн баар.
- 1858 — Амыр (Амур) өрүһүнэн уһун айан кэнниттэн Дьокуускайга аҕабыыт Иннокентий төннүбүт. Бу ый 20 күнүнээҕи уолугар суруйбут суругар маннык диэбит: «Да! Мы видим комету с большим хвостом; видите ли Вы? Она с каждым днем видимо приближается к земле. В Якутске лето было бездождливое, но сена запасено и хлеба урожай порядочный».
- 1906 — Дьокуускайга эр дьоҥҥо аналлаах биэлсэр оскуолатын бастакы педсовета буолбут. Бу күнү Дьокуускайдааҕы С. Орджоникидзе аатынан мэдиссиинэ кэллиэһэ арыллыбыт күнүнэн ааҕыллар.
- 1945 — Токио хомотугар Миссури линкор палубатыгар Дьоппуон биир тыла суох бэриниитигэр илии баттаммыт. Манан Аан дойду иккис сэриитэ түмүктэммит.
- 1969 — Интэриниэт төрөөбүт күннэриттэн биирдэстэрэ. Калифорния университетын лабораториятыгар икки көмпүүтэр ардыгар бастакы ситим олохтоммут.
- 1993 — Узбекистан 2000 сылга диэри кириллицаттан латыын алпабыытыгар көһөрүн туһунан биллэрбит. Бу көһүү болдьоҕо маҥнай 2005 сылга диэри уһатыллыбыта, онтон 2010-ҥа, 2015-кэ. Билиҥҥи былаанынан латыын алпабыытыгар дойду 2021 сылга көһүөхтээх.
- 1994 — Бэрэсидьиэн Михаил Николаев ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын генофондаларын харыстыыр департамент тэриллибит. Икки кэскиллээх сорук туруоруллубут. Бастакыта — генофону харыстыыр уталытыллыбат дьаһаллары олоххо киллэрии, 2001 сылга диэри арыгылааһыны 25%-ҥҥа тиийэ аҕыйатыы. Иккиһэ — кэскиллээх программаны оҥорон, олоххо киллэрэн, генетическэй өттүнэн, доруобай ыччат төрүүрүн, үөскүүрүн ситиһии.
Төрөөбүттэр:
- 1908 — Иван Рожков — учуонай, геолог, 1957—1964 сыллардааха ССРС НА Сибиирдээҕи филиалын Саха сиринээҕи филиалын Президиумун бэрэссэдээтэлэ.
- 1919 — Владимир Лонгинов (18.11.1943 өлб.) — сержант, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа.
- 1939 — Федор Зыков — устуоруйа билимин хандьыдаата, саха малын-салын үөрэтэр идэлээх этнограф.
Өлбүттэр:
- 1937 — Пьер де Кубертен — аныгылыы Олимп оонньууларын төрүттээччи.
- 1944 — Михаил Шараборин-Кумаров (1866 с.т.) — Өлүөхүмэ улууһуттан төрүттээх олоҥхоһут. ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Суруллубут олоҥхолоро: Куллун Куллустуур, Улуу Даарын, Дьиэрбэк Бэргэн, Тура төрөөбүт Дуо бухатыыр, Босхоҥ Дуолан Бухатыыр.
- 1969 — Хо Ши Мин (1890 с.т.) — Вьетнам Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ.
- 1973 — Джон Толкин (1892 с.т.) — Англия суруйааччыта, лингвист, филолог.