Мичээр 🙂 уонна хомолто 🙁 смайлларын бастакытын АХШ информатик-учуонайа Скотт Фалман университет биллэриилэрин дуоскатыгар 1982 сыллаахха туһаммыт. Кини ити бэлиэлэринэн дьоһун биллэриилэри солуута суохтартан араараары туһаммыт.
Балаҕан ыйын 19 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 262-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 263-c күнэ). Сыл бүтүө 103 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- Арассыыйа — Сэрии сэбин оҥорооччу күнэ.
Түбэлтэлэр:
- 1743 — Статскай советник Генрих Конрад Саха сирин бойобуодатынан анаммыт. Кини бу солоҕо 1745 сыл ыам ыйын 15 күнүгэр дылы сулууспалаабыта.
- 1790 — Нуучча суруйааччыта Александр Радищев Арассыыйа олоҕун-дьаһаҕын кириитикэлиир «Петербургтан Москубаҕа айан» диэн сэһэни суруйбутун иһин Сибииргэ көскө ыытыллыбыт.
- 1944 — Финляндия уонна Сэбиэскэй Сойуус икки ардыларыгар Москубатааҕы тупсууга илии баттаммыт, сэрии түмүктэммит.
- 1982 — АХШ учуонайа Скотт Фалман университет биллэриилэрин дуоскатыгар бастакынан смайллары туһаммыт: мичээр 🙂 уонна хомолто 🙁 .
Төрөөбүттэр:
- 1930 — Гавриил Попов — филология үөрэҕин кандидата, кыраайы үөрэтээччи. Саха тылыгар баар тыллар төрүттэрин быһаарсыбыт учуонай-лингвист. Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ытык олохтооҕо.
- 1935 — Евдокия Захарова — СӨ үөрэҕириитин туйгуна, тыыл, педагогическай үлэ бэтэрээнэ.
- 1959 — Галина Бочкарева — суруналыыс, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруналыыстарын Сойууһун бэрэстээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ.
Өлбүттэр:
- 1912 — Виктор Курнатовскай — профессиональнай революционер, социал-демократ, 24 сыл эмиграцияҕа, сыылкаҕа (ол иһигэр Дьокуускайга), хаайыыларга, хаатыргаҕа сылдьыбыт.
- 1993 — Анастасия Данилова — Саха АССР общественнай, судаарыстыбаннай диэйэтэлэ.
- 2001 — Иннокентий Томскай (01.03.1934 төр.) — саха биллиилээх учуонайа, экономика билимин доктора.
This post was published on 19.09.2020 09:01 09:01