Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Доруобуйаны бөҕөргөтөр сүүрүү күнэ 2021 сылга бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр бэлиэтэнэр. 1999 сыл ыам ыйын 5 күнүгэр бастакы президент Михаил Ефимович Николаев нэһилиэнньэ доруобуйатын тупсарыытыгар анаммыт үлэ туһунан уурааҕа тахсыбыта. Докумуоҥҥа «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр доруобуйаны бөҕөргөтүүгэ сүүрүү уонна хаамыы күнүн ыам уонна балаҕан ыйдарыгар сылын аайы ыытарга», диэн суруллар. Чуолкай күнэ — ый үһүс өрөбүлэ.
Бэлиэ күннэр
- Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Доруобуйаны бөҕөргөтөр сүүрүү күнэ (2021, ыам ыйын уонна балаҕан ыйын үһүс өрөбүллэригэр)
- Дойдулар ардыларынааҕы пират курдук саҥарыы күнэ (оонньуу быһыытынан бэлиэтэнэр). 1995 сыллаахха икки киһи толкуйдаабыт, 2002 сыллаахха Дэйв Барри диэн АХШ-ка биллэр обозреватель өйөөбүт, ол кэнниттэн аан дойдуга тарҕанан барбыт
- Арассыыйа — Сэрии сэбин оҥорооччу күнэ
- Словакия — Словак омугун сэбиэтин бастакы тахсыытын күнэ (1848 сыллаахха)
- Сент-Китс уонна Невис — Тутулуга суох буолуу күнэ (Британияттан 1983 сыллаахха)
- Чили — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
Түбэлтэлэр
- 1648 — Француз учуонайа Блез Паскаль атмосфераҕа салгын баттааһына баарын дакаастаабыт.
- 1743 — Статскай советник Генрих Конрад Саха сирин бойобуодатынан анаммыт. Кини бу солоҕо 1745 сыл ыам ыйын 15 күнүгэр дылы сулууспалаабыта.
- 1790 — Нуучча суруйааччыта Александр Радищев Арассыыйа олоҕун-дьаһаҕын кириитикэлиир «Петербургтан Москубаҕа айан» диэн сэһэни суруйбутун иһин Сибииргэ көскө ыытыллыбыт.
- 1893 — Саҥа Зеландияҕа дьахталларга барыларыгар быыбардыыр быраабы биэрэр сокуоҥҥа күбүрүнээтэр илии баттаабыт.
- 1928 — Нью-Йорка Микки Маус туһунан ойуулук аан бастаан көрдөрүллүбүт. Кутуйах оҕото ол саҕана саҥарбат этэ уонна билигин көстөр Микки Мауска майгыннаабата.
- 1939 — Кыһыл Аармыйа Вильнюска киирбит.
- 1944 — Финляндия уонна Сэбиэскэй Сойуус икки ардыларыгар Москубатааҕы тупсууга илии баттаммыт, сэрии түмүктэммит.
- 1982 — АХШ учуонайа Скотт Фалман университет биллэриилэрин дуоскатыгар бастакынан смайллары туһаммыт: мичээр 🙂 уонна хомолто 🙁 .
- 1991 — Альпаҕа Италия уонна Австрия кирбиилэригэр Эци диэн ааттаммыт былыргы киһи өлүгүн булбуттар. Бу киһи биһиги эрабыт иннинэ 3400 уонна 3100 сыллар ыккардыларыгар олорбута быһаарыллыбыта. Эцталь Альпаларыгар көстүбүт буолан Эци (нууччалыы сороҕор Отци дииллэр) диэн аат иҥэрбиттэрэ.
- 2006 — Таилаҥҥа аармыйа былааһы бэйэтин илиитигэр ылбыт, конституция үлэтин тохтоппут уонна дойду үрдүнэн байыаннай балаһыанньаны биллэрбит.
- 2017 — Миэксикэҕэ Пуэбло куоракка күүстээх сир хамсааһына буолбут. 370 киһи өлбүт, 6000 тахса киһи бааһырбыт, улахан хоромньу тахсыбыт.
Төрөөбүттэр
- 1930 — Гавриил Попов — филология үөрэҕин хандьыдаата, кыраайы үөрэтээччи. Саха тылыгар баар тыллар төрүттэрин быһаарсыбыт учуонай-лингвист. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ытык олохтооҕо.
- 1935 — Евдокия Захарова — СӨ үөрэҕириитин туйгуна, тыыл, педагогическай үлэ бэтэрээнэ.
- 1959 — Галина Бочкарева — суруналыыс, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруналыыстарын Сойууһун бэрэстээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
Өлбүттэр
- 1912 — Виктор Курнатовскай — профессиональнай революционер, социал-демократ, 24 сыл эмиграцияҕа, сыылкаҕа (ол иһигэр Дьокуускайга), хаайыыларга, хаатыргаҕа сылдьыбыт.
- 1993 — Анастасия Данилова — Саха АССР общественнай, судаарыстыбаннай диэйэтэлэ.
- 2001 — Иннокентий Томскай (01.03.1934 төр.) — Саха сиригэр дьахтар үлэтин туһаныыны чинчийбит, өрөспүүбүлүкэҕэ экономика билимин устуоруйатын үөрэппит саха биллиилээх учуонайа, экономика билимин дуоктара.
Хаартыска интернеттэн.
This post was published on 19.09.2021 09:00 09:00