Балаҕан ыйын 19 күнүгэр Чурапчыга кутурҕан күнүн бэлиэтиэхтэрэ

Чурапчы көһөрүллүүтүгэр анаммыт тэрээһиннэр быйыл балаҕан ыйын 14 күнүттэн саҕаланан бараллар. #чурапчыалдьархайа1942 диэн ааттаан көһөрүү кыттыылаахтарын оҕолоро, сиэннэрэ социальнай ситимнэригэр «Өйдөбүнньүк уота» аахсыйаҕа дьоннорун туһунан хаартыскаларын ууран кытталлар. Бу туһунан Чурапчы улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. 


Балаҕан ыйын 19 күнүгэр Чурапчы улууһун социальнай ситимнэригэр “213 № уураах” диэн телевизионнай испэктээх көрдөрүллүө. Испэктээҕи П.М.Решетников аатынан Чурапчытааҕы норуодунай тыйаатыр эдэр режиссера Сарыал Сивцев туруорбут. Ити күн Чурапчы көһөрүүлээхтэрин скверигэр «Ийэ уонна оҕо» пааматынньыгар венок ууруохтара, оттон Хатылыга көһөрүү мусуойугар саҥа бэлэхтэнэр маллары дьоҥҥо көрдөрүөхтэрэ. Киэһэ социальнай ситимнэринэн Булуҥ, Кэбээйи, Эдьигээн улуустарын баһылыктара кыттыылаах быһа кэпсэтии тэриллиэ.

Быйылгы өйдөбүнньүк тэрээһиннэр дистанционно балаҕан ыйын 14 күнүттэн саҕалаан ыытыллаллар. #чурапчыалдьархайа1942 диэн ааттаан көһөрүү кыттыылаахтарын оҕолоро, сиэннэрэ социальнай ситимнэригэр «Өйдөбүнньүк уота» аахсыйаҕа дьоннорун туһунан хаартыскаларын ууран кытталлар. Балаҕан ыйын 18 күнүгэр эдэр ыччаттар миитиннэри ыытыахтара.

78 сыл анараа өттүгэр Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Чурапчы улууһун 41 колхуоһун олохтоохторун күүһүнэн хоту балык бэлэмнээһинигэр ыыппыттара. Барыта 5 тыһыынча 318 киһи көспүтүттэн, иккиттэн тахса тыһыынчата хоргуйууттан, тоҥууттан өлбүттэрэ. Өйдөбүнньүк тэрээһиннэр Чурапчы улууһугар сылын аайы ыытыллаллар.

This post was published on 16.09.2020 12:01 12:01