21 Балаҕан ыйа 21.09
  • $ 92,58
  • 103,38

Балаҕан ыйын 18 күнэ. Гороскоп

09:13, 18 сентября
Хаартыска: ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хой

Харчы өттүгэр табыллыаҥ, элбэҕи ситиһиэҥ.

Оҕус

Туруоруммут сыалгын ситиһэргэ кыра-кыра хардыылары оҥорон ыраах тиийиэҥ.

Игирэлэр

Дьон эйигин олус бэһиэлэйгин көрөн, барыта сатабыллаах дии саныыр.

Рак

Эн тускар куһаҕан тылы саҥарар дьон бэйэлэрин эрэ суолларын буортулууллар.

Хахай

Санаарҕыыр кэм кэннигэр, дьоллонор кэм иннигэр.

Кыыс

Тапталгын кытары бииргэ буол, бэйэ бэйэҕитигэр болҕомтото ууруҥ.

Ыйааһын

Кэннигиттэн дьон саҥарарын истиэҥ, санааҕын түһэримэ — эн кинилэр иннилэригэр сылдьаҕын!

Скорпион

Олоҕун саҥаттан саҥа тэтими ылан иһэр, бэйэҥ ити тэтимҥин ыһыктыбатын ордук.

Охчут

Ылсан үлэлэһэр дьыалаҥ ситиһиилэх түмүктээх буолуо.

Чубуку

Барыта орун оннугар түһэн иһэр, табыллыы, сатаныы аргыстаныаҥ.

Күрүлгэн

Биир сиргэ олордоххуна баҕа санааҥ туолара уустуктардаах буолуо.

Балыктар

Бэҕэһээҥҥи баҕа санааҥ — бүгүҥҥү соругун-сыалыҥ, сарсыҥҥы ситиһииҥ.

Эҥсиэли

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар