1935 сыл балаҕан ыйын 17 күнүгэр Тыл, култуура наука-чинчийэр институуту тэрийэргэ диэн Саха АССР Совнаркомын уурааҕа тахсыбыт. Бу институт Былатыан Ойуунускай көҕүлээһининэн тэриллибитэ, билигин — Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институута. Институт СИА ааҕааччыларыгар анаан араас тиэмэҕэ научнай ыстатыйалары «Билим» альманахха таһаарар. Хас бээтинсэ аайы Саха сирин учуонайдарын ырытыылаах суруйууларын сайт сахалыы таһаарыытыгар дьон сөбүлээн ааҕар.
Бэлиэ күннэр
- Ангола — Дьоруойдар күннэрэ
- АХШ — Конституция күнэ
- Беларусь — Норуот сомоҕолоһуутун күнэ[1]
- Гондурас — Учуутал күнэ
- Недерланд — 1944 сыллаахха ыытыллыбыт Market Garden байыаннай эпэрээһийэни ахтан-санаан ааһар күн
- Украина — Украина өрүһүйээччитин (спасатель) күнэ
- Чили — Хуасо күнэ[2]
Түбэлтэлэр
- 1665 — Лондон куоракка Чума улуу эпидемията саҕаламмыт. 100 000 кэриҥэ киһи, ол эбэтэр куорат олохтоохторун 20 % биир сыл иһигэр өлбүт. Бу ыарыы чума палочкатыттан сылтаан буолар, кырыыса былахылара тарҕаталлар.
- 1788 — «Карансебеш кыргыһыыта» буолбут. Австрия саллааттара түүн хараҥаҕа бэйэ-бэйэлэрин туроктар дии санаан охсуспуттар уонна «кыайтаран» чугуйбуттар. Кыргыһыы хонуутугар туроктар икки күнүнэн биирдэ кэлэн, туох буолбутун өйдөөбөтөхтөр.
- 1809 — Швеция—Арассыыйа сэриитэ түмүктэммит. Фредриксхамн дуогабарынан Арассыыйа Финляндияны бэйэтигэр ылбыт. Мантан ыла Финляндия сүүстэн тахса сыл Арассыыйа састаабыгар автономнай княжество буолан олорбута.
- 1927 — Илин Хаҥалас улууһугар Кудома диэн сиргэ конфедералистар баартыйаларын устаабын уонна бырагырааматын ылыммыттар.
- 1935 — Тыл, култуура наука-чинчийэр институуту тэрийэргэ диэн Саха АССР Совнаркомын уурааҕа тахсыбыт. Бу институт Былатыан Ойуунускай көҕүлээһининэн тэриллибитэ, билигин — Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институута.
- 1940 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Германия Улуу Британия авиациятын кыайбакка саба түһэр былааныттан батыммыт.
- 1941 — ССРС-ка гражданнары барыларын байыаннай дьыалаҕа булгуччулаахтык үөрэтии саҕаламмыт.
- 1954 — Саҥа Сир диэн икки бөдөҥ арыыттан турар архипелаагка сэбиэскэй ядернай полигон тэриллибит. Бастакы ядернай дэлби тэптэрии 1955 сыллаахха уу анныгар буолбута. 1957 сыллаахха олохтоох дьураактары күүстэринэн Архангельскай уобаласка көһөрбүттэрэ. Арыыга барыта 132 дэлби тэптэриини оҥорбуттара биллэр.
- 2011 — Стамбуулга буолбут аан дойду көҥүл тустууга чөмпүйэнээтигэр саха бөҕөһө Виктор Лебедев иккистээн көмүс мэтээли ылбыт.
- 2018 — Сардаана Авксентьева Дьокуускай куоратын мэрин солотугар олорбут.
Төрөөбүттэр
- 1911 — Сергей Мигалкин — РСФСР, Саха АССР үтүөлээх бырааһа.
- 1938 — Михаил Тырылгин — медицина доктора, профессор, СӨ билим үтүөлээх диэйэтэлэ. Чинчийбит тиэмэлэринэн буолаллар сэллиги утары охсуһуу, социальнай гигиена уонна доруобуйа харыстабылын тэрээһинэ.
- 1939 — Николай Герасимов — Айталын — бэйиэт, суруйааччы. «Эдэр коммунист», «Кыым», «Чуораанчык» («Колокольчик») хаһыаттарга редакторынан үлэлээбитэ.
- 1985 — Александр Овечкин — хоккеист, аан дойду үс төгүллээх чемпиона, Стэнли кубогын хаһаайына (2018).
Өлбүттэр
- 1984 — Юрий Визбор (1934 төр.), сэбиэскэй киинэ артыыһа, суруналыыс, ааптар ырыатын жанрын саҕалааччылартан биирдэстэрэ.
This post was published on 17.09.2021 09:01 09:01