1941 сыл балаҕан ыйын 16 күнүгэр Илья Винокуров Саха АССР обкомун сэкирэтээригэр уонна Совнаркомун бэрэстээтэлигэр хоргуйууну утары миэрэлэри ыларга ыҥыран сурук суруйар. Онно куобах булдун көҥүллүүргэ, сайыҥҥы уонна муус аннынааҕы балыктааһыны тэрийэргэ, колхуостарга килиэп пуондаларын олохтуурга уо.д.а. пуонда тэрийэргэ этиллэр. Ол эрэн сурукка болҕомто ууруллубат.
Бэлиэ күннэр
- ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы озон араҥатын харыстааһын күнэ
- Малайзия — Федерация күнэ (1963)
- Миэксикэ — Тутулуга суох буолуу күнэ. 1810 сыллаахха Мигель Идальго диэн аҕабыыт Долорес куоракка утары турарга ыҥырбыт, бу кэнниттэн Миэксикэ Испанияттан тутулуга суох буолуу иһин уон сыллаах охсуһуута саҕаламмыт
- Казахстаан — Ийэ күнэ
- Папуа — Саҥа Гвинея — Тутулуга суох буолуу күнэ (1975, Австралияттан)
- Сент-Китс уонна Невис — Дьоруойдар күннэрэ. Бу күн дойдуга ордук туһаны аҕалбыт биэс дьоруойу чиэстииллэр, 1996 сыллаахха бу туһунан анал сокуон ылыныллыбыта, бастакы бэлиэтээһин 1998 сыллаахха Роберт Левеллин Брэдшоу диэн уруккута идэлээх сойуустар активистара, онтон бастакы премьер-миниистир буолбут киһи төрөөбүт күнүгэр буолбута.
Түбэлтэлэр
- 1620 — Бэйэлэрин пилигрим (паломник) дэммит дьон Америкаҕа олохсуйар соруктаах Мэйфлауэр (Ыам ыйын сибэккитэ) диэн хараабылынан Англияттан арахпыттар. Төһө да 10 нэдиэлэни быһа устан сыккырыыр тыыннара эрэ, кыһын буолбутун кэннэ тиийдэллэр, бу көһүү бастакы этэҥҥэ көһүүлэртэн биирдэстэрэ этэ, кинилэр иннилэринэ көспүт дьон хоргуйан эбэтэр олохтоох омуктары кытта сатаспакка өлөллөрө. Көһөн тиийээччилэр билиҥҥи Плимут куораты олохтообуттара.
- 1826 — Дьокуускайга көскө ыытыллыбыт декабристар кэлбиттэр.
- 1908 — АХШ-га General Motors хампаанньа төрүттэммит. General Motors 1931 сылтан 2008 сыллаахха диэри аан дойдуга саамай улахан массыына оҥорооччу хампаанньа этэ.
- 1922 — А.В. Панкратов хамандыырдаах кыһыл этэрээт Верхоянскай куоратын ылбыт. Үрүҥнэр Өймөкөөн диэки күрэммиттэр.
- 1941 — Илья Винокуров Саха АССР обкомун сэкирэтээригэр уонна Совнаркомун бэрэстээтэлигэр анаммыт кистэлэҥ саппыыскатыгар хоргуйууну утары миэрэлэри ыларга ыҥырбыт. Куобах булдун көҥүллүүргэ, сайыҥҥы уонна муус аннынааҕы балыктааһыны тэрийэргэ, сүөһү иитиитигэр кииннэммит тобох (эт, ис, төбө), тар саппааһын оҥорорго, колхуостарга килиэп пуондаларын олохтуурга, тыа үлэһиттэригэр анаан ас (чэй, курууппа, мохоруон) пуондатын тэрийэргэ. Ол эрэн оччотооҕу кэлии салалта сурукка болҕомто уурбатах, икки сыл иһигэр бу тыын боппуруос ханнык да мунньахха көрүллүбэтэх.
- 1950 — Кэриэйэ сэриитин кэмигэр АХШ сэриилэрэ кыайтаран эрэр Соҕуруу Кэриэйэҕэ көмөлөһө Сеул таһыгар баар Инчхон пордугар түспүттэр. Кэриэйэ сэриитигэр бастакытын тосту уларыйыы буолбут.
- 1959 — Нью-Йоркка бастакы сатабыллаах фотокопировальнай аппарат, Xerox 914, быһа эфиринэн көрдөрүллүбүт.
- 1976 — Арменияҕа уу аннынан харбааһыҥҥа аан дойду элбэх төгүллээх рекордсмена уонна чемпиона Шаварш Карапетян 10 миэтэрэ дириҥҥэ түспүт автобустан 20 киһини быыһаабыт.
- 1987 — Озон араҥатын харыстыыр туһунан Монреаль боротокуолугар илии баттаммыт. Озон араҥата стратосфераҕа 20-25 км үрдүккэ баар. Озон Күнтэн кэлэр сэрэхтээх ультрафиолетовай сандаардыыны иҥэринэрин иһин Сир ньууругар тыынар тыыннаах харамайдар олорор кыахтаахтар.
- 1990 — Кытай уонна Казахстаан ыккардыларыгар Достык тимир суолун тутуута түмүктэммит.
Төрөөбүттэр
- 1745 — Михаил Кутузов — 1812 сыллааҕы Аҕа дойду сэриитигэр Арассыыйа аармыйатын салайбыт нуучча полководеһа, генерал-фельдмаршал.
- 1923 — Ли Куан Ю — Сингапур маҥнайгы премьер-миниистирэ (1959—1990), Сингапур экэниэмикэтин сөҕүмэрдик сайыннарбыт салайааччы.
- 1945 — Евгений Петросян — юморист суруйааччы, артыыс, телевидение ыытааччыта, Арассыыйа народнай артыыһа.
- 1993 — Василий Егоров — Саха сириттэн сылдьар боксаҕа чэпчэки ыйааһыҥҥа (49 кг дылы) Европа икки төгүллээх кыайыылааҕа (2015, 2017) уонна Аан Дойду иккис миэстэлээҕэ.
Өлбүттэр
- 2001 — Афанасий Самыров (14.03.1935 төр.) — идэлээх сойуустар диэйэтэллэрэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Дьокуускай куорат Ытык олохтооҕо.
This post was published on 16.09.2021 09:04 09:04