Балаҕан ыйын 15 күнэ. Гороскоп

Хой

Ким эрэ эн тускар олус элбэҕи оҥоро сылдьар, харда эппиэт оҥороргун умнума

Оҕус

Дьылҕа бэлэҕэ эйиэхэ бу тигинээн иһэр, куоттарыма, түгэни мүччү тутума

Игирэлэр

Эн бүгүҥҥү күнү олус да өр күүппүтүн, бүгүн олоххор суолталаах көрсүһүү буолуо

Рак

Күһүҥҥү кэрэ кэм тапталтан саҕаланыа, олоҕун саҥа үктэлигэр болҕойон тирэн

Хахай

Тапталларын көрсө илик хахайдары бүгүн дьикти инникигэ кэскиллээх билсиһии күүтэр

Кыыс

Сыл тухары кыһаллыбыт сыраҥ бэлиэтэниэ, иннигэр саҥа саҕахтары арыйыа

Ыйааһын

Олох биэрэр түгэннэрин мүччү тутума, болҕомтолоох буол

Скорпион  

Чугас дьоҥҥор тугу эрэ бэлэх уунаргын толкуйдуур оруннаах

Охчут

Эн дьоллоох буоларгар биир эрэ киһи буруйдаах

Чубуку

Биир киһи эйигин олус көрсүөн баҕарар, кинини кытары кэпсэтэн ылларгын кинини дьоллуон аҕай этэ.

Күрүлгэн

Бу күннэргэ эн олоххор ураты суолталаах түгэн буолаары турар

Балыктар

Суһал истиҥ иһитиннэрии истэн үөрүөҥ-көтүөҥ.

«Бытантай уоттара»

This post was published on 15.09.2023 10:09 10:09