Балаҕан ыйын 14 күнэ. Гороскоп

Хой 

Бу күнү дьиэ кэргэҥҥин кытары атаарар ордук, баар түгэнтэн дуоһуйууну ыл

Оҕус 

Хас биирдии хамсаныы утары харданы үөскэтэр, судургута суох быһаарыныыны ылыаххын наада

Игирэлэр 

Дьоллоох буоларга араас дьаллыгы батыспакка, таптыыр киһигин кытары бииргэ буолуоххун наада

Рак 

Эн таптыыр киһигин ханнык баҕар түгэҥҥэ өрө тутар кыахтааххын

Хахай 

Сыһыаҥҥын сыаналыыр буоллаххына, буруйа да суоххар бырастыы көрдөһүөҥ

Кыыс 

Эн олоххор баар сорох дьон быһыыланыытыгар хараххын быһа симиэххин сөп

Ыйааһын 

Ханна да тиийдэргин син биир дойдугун суохтуугун аҕай

Скорпион 

Эн характергын мээнэ дьон тулуйбат эрээри, таптыыр, сыаналыыр дьоҥҥор олох атыҥҥын

Охчут 

Эн туругуҥ тулалыыр дьоҥҥуттан тутулуктаах

Чубуку 

Эйигин сыаналаабат дьону бэйэҕэр чугас тутума

Күрүлгэн 

Олоххо буолар бары түгэни сирэйгин өрө көтөҕөн көрүс

Балыктар 

Санааҥ буккулла сылдьар, дууһаҥ тугу эрэ баҕарар, бэйэҥ мунаахсыйа сылдьаҕын

This post was published on 14.09.2023 09:38 09:38