2007 ХНТ Генеральнай Ассамблеята Олохтоох омуктар бырааптарын туһунан декларацияны ылыммыт. Бу докумуоҥҥа олохтоох омуктар культуураларын уонна институттарын харыстыыр бырааптара, ону кытары хайа хайысханан сайдыы суолун туталларын бэйэлэрэ быһаараллара этиллэр.
Бу күн Саха сиригэр айбыт-туппут нуучча суруйааччыта, «Полярная звезда» сурунаал сүрүн редактора Юрий Чертов, оҕунан ытыыга XIV Паралимпийскай оонньууларга боруонса призера, Арассыыйа спордун үтүөлээх маастара, «Хотугу Сулус» уордьан кавалера Степанида Артахинова төрөөбүт күннэрэ.
Балаҕан ыйын 13 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 256-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 257-c күнэ). Сыл бүтүө 109 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- Арассыыйа — Танкист күнэ
Түбэлтэлэр:
- 1229 — Курултайга Чыҥыс Хаан үһүс уола Үгэдэй Монгол импиэрийэтин Улуу Хаанынан биллэриллибит.
- 1902 — Улуу Британияҕа бастакытын киһи буруйун тарбаҕын суолун туһанан дакаастаабыттар.
- 1930 — Саха АССР Совнаркома Амуур-Дьокуускай массыына суолун тутарга диэн уураах ылыммыт.
- 1965 — ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтэ доруобуйаҕа буортулаах үлэҕэ сылдьар дьоҥҥо босхо үүт түҥэтиллиэхтээҕин туһунан уураах таһаарбыт.
- 1985 — Nintendo хампаанньа Super Mario Bros. («Супер Марио ини-биилэр») оонньууну Дьоппуоҥҥа бастакытын таһаарбыт. Бу оонньуу 20 сыл тухары аан дойдуга саамай киэҥник атыыламмыт оонньуу аатын сүкпүтэ.
- 2007 — ХНТ Генеральнай Ассамблеята Олохтоох омуктар бырааптарын туһунан декларацияны ылыммыт. Бу докумуоҥҥа олохтоох омуктар культуураларын уонна институттарын харыстыыр бырааптара, ону кытары хайа хайысханан сайдыы суолун туталларын бэйэлэрэ быһаараллара этиллэр.
Төрөөбүттэр:
- 1914 — Моисей Кершенгольц — РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
- 1918 — Семен Александров — саха живописеһа.
- 1934 — Юрий Чертов — Саха сиригэр айбыт-туппут нуучча суруйааччыта, «Полярная звезда» сурунаал сүрүн редактора, СӨ култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ.
- 1989 — Степанида Артахинова — оҕунан ытыыга XIV Паралимпийскай оонньууларга боруонса призер, Арассыыйа спордун үтүөлээх маастара, «Хотугу Сулус» уордьан кавалера.
Өлбүттэр:
- 1321 — Данте Алигиери — Орто үйэлэрдээҕи Флоренция поэта, литературнай италия тылын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ.
- 1872 — Лүдвиг Фейербах — ниэмэс филосова уонна материалиhа.
- 1986 — Иннокентий Избеков — саха худуоһунньуга.
This post was published on 13.09.2020 09:01 09:01