Балаҕан ыйын 13 күнэ Саха сирин социальнай-экономическай сайдыытыгар, дьон доруобуйатын харыстыырга уонна олох хаачыстыбатын тупсарарга уураахтар ылыныллыбыт күннэринэн биллэр. Ол курдук, 1930 сыллаахха Саха АССР Совнаркома Амуур — Дьокуускай массыына суолун тутарга диэн уураах ылыммыт. Оттон 1965 сыллаахха ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтэ доруобуйаҕа буортулаах үлэҕэ сылдьар дьоҥҥо босхо үүт түҥэтиллиэхтээҕин туһунан уураах таһаарбыт.
Бэлиэ күннэр
- Арассыыйа — Программист күнэ, Парикмахер күнэ
- Румынияҕа виноград хомуйар күн
- Бразилия: Фарропиль Революциятын [2] кэриэстиир нэдиэлэ саҕаланна
- Мексика — Герой оҕолору кэриэстиир күн, Чапультепек киирсиитэ, 1847 сыл.
- Норуот халандаарынан Куприянов күнэ. Бу күн туруйалар кутаҕа мустан сүбэ мунньахтыыллар: соҕуруу хаһан, хайдах, ханнык суолу тутуһан көтөллөрүн. Бу күнтэн саҕалаан клюква хомуйаллар. Отон саамай ситэр кэмэ.
Түбэлтэлэр
- 1229 — Курултайга Чыҥыс Хаан үһүс уола Үгэдэй Монгол импиэрийэтин Улуу Хаанынан биллэриллибит.
- 1902 — Улуу Британияҕа аан бастаан киһи буруйун тарбаҕын суолун туһанан буруйу оҥорууну дакаастаабыттар.
- 1930 — Саха АССР Совнаркома Амуур — Дьокуускай массыына суолун тутарга диэн уураах ылыммыт.
- 1965 — ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтэ доруобуйаҕа буортулаах үлэҕэ сылдьар дьоҥҥо босхо үүт түҥэтиллиэхтээҕин туһунан уураах таһаарбыт.
- 1985 — Nintendo хампаанньа Super Mario Bros. («Супер Марио ини-биилэр») оонньууну Дьоппуоҥҥа бастакытын таһаарбыт. Бу оонньуу 20 сыл тухары аан дойдуга саамай киэҥник атыыламмыт оонньуу аатын сүкпүтэ.
- 2007 — ХНТ Генеральнай Ассамблеята Олохтоох омуктар бырааптарын туһунан декларацияны ылыммыт. Бу докумуоҥҥа олохтоох омуктар култуураларын уонна институттарын харыстыыр бырааптара, ону кытары хайа хайысханан сайдыы суолун туталларын бэйэлэрэ быһаараллара этиллэр.
- 2008
- Пекиҥҥэ Паралимпиадаҕа Анастасия Диодорова 50 м баттерфляйынан харбааһыҥҥа (S6 категория) үрүҥ көмүс мэтээли ылбыт (39,93), көмүс мэтээли ылбыт кытай Цзян Фуинь аан дойду рекордун олохтообут (38,44).
- Балаҕан ыйын 13-14 күннэригэр Липецкэйгэ Арассыыйа спортиҥҥа чөмпүйэнээтигэр Айаал Макаров үһүс миэстэни ылбыт.
Төрөөбүттэр
- 1914 — Моисей Кершенгольц — РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
- 1918 — Семен Александров — саха живописеһа.
- 1934 — Юрий Чертов — Саха сиригэр айбыт-туппут нуучча суруйааччыта, «Полярная звезда» сурунаал сүрүн редактора, СӨ култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ.
- 1989 — Степанида Артахинова — оҕунан ытыыга XIV Паралимпийскай оонньууларга боруонса призер, Арассыыйа спордун үтүөлээх маастара, «Хотугу Сулус» уордьан кавалера.
Өлбүттэр
- 1321 — Данте Алигиери — Орто үйэлэрдээҕи Флоренция поэта, литературнай италия тылын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ.
- 1872 — Лүдвиг Фейербах — ниэмэс филособа уонна материалиhа.
- 1986 — Иннокентий Избеков — саха худуоһунньуга.
This post was published on 13.09.2021 08:57 08:57