Бүгүн Дьокуускай куорат күнэ. История кэрэһэлииринэн, 1632 сыллаахха Бекетов баһылыктаах нуучча хаhаахтара Өлүөнэ кытылыгар, билиҥҥи Уус-Алдан сиригэр бастаан остуруок туппуттар. Онтон нуучча хаһаахтарын тойоно Иван Галкин Өлүөнэ остуруогун халаан уута ылара бэрдин иһин, Өйүк баай хонуутугар (эбэтэр лог диэни луг диэн сыыһа суруйбут буоллахтарына — аппатыгар) өрүс уҥуор куорат билиҥҥи турар сиригэр көһөрбүтэ. Тохсунньу 10 күнүгэр 1696 сыллаахха Сибиирдээҕи бирикээс Саха уеһын уонна куоратын чертежтарын оҥорорго ыйаах таһаарар. Онтон нөҥүө сылыгар тохсунньу 31 күнүгэр үрүҥ көмүс бэчээти оҥотторон ыытар. Бу кэмтэн ыла остуруок бүтэһиктээхтик куорат аатын сүгэр[1].
Бэлиэ күннэр
- Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Дьокуускай куоратын күнэ (2021, балаҕан ыйын иккис баскыһыанньатыгар бэлиэтэнэр)
- Соҕуруу-Соҕуруу бииргэ үлэлээһин күнэ (нууч. День сотрудничества Юг-Юг). Бу күн сайдан эрэр судаарыстыбалар бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсөһүүлэригэр ананар
- Кабо-Верде — Дойду күнэ
- Миэксикэ — Сибэтиэй Патрик батальонун ыйаныллыбыт саллааттарын ахтар күн
- Эфиопия — Дойду өрө туруутун күнэ (1974 сыллаахха), Хайле Селассие I ыраахтааҕыны суулларбыттар
- Түркменистаан — Рухнама күнэ[1]
- Ираан — Ираан киинэтин күнэ.
Түбэлтэлэр
- Б.Э.И. 490 — Марафон кыргыһыытыгар Афины сэриитэ байҕал кытылыгар түспүт Персия сэриитин кыайбыт. Кыргыһыы кэнниттэн грек буойуна Фидиппид Марафон куоратыттан Афиныга диэри сүүрэн тиийбит, кыайыы туһунан илдьит аҕалан «Өрөгөйдөөҥ! Биһиги кыайдыбыт» диэбит уонна өлөн түспүт. Бу номоҕу кэриэстээн 1896 сыллаахтан ыла Олимпия оонньууларыгар 42,2 км усталаах марафон дистанциятыгар сүүрүү ыытыллар.
- 1683 — Вена кыргыһыытыгар Европа христианскай дойдуларын холбоһуктаах сэриитэ улахан Осмаан сэриитин кыайбыттар. Осмааннар Австрия киин куоратын Венаны осадалаан ылан эрдэхтэринэ Польша уонна Германия холбоһуктаах сэриилэрэ кэлэн куораты быыһаабыт. Кыргыһыы муҥутуур тыҥааһыныгар аатырбыт Польша кынаттаах гусардара Ян Собесский хоруол баһылыктаах атака оҥорбуттар. Мантан ыла Осмаан импиэрийэтэ Европа дойдуларын сэриилээн ылыыта тохтообут.
- 1933 — Венгрия учуонайа Лео Сцилард Лондоҥҥа уулуссаны туораан иһэн ядернай субурҕа (цепной) реакцияны таайбыт. Бу арыйыыны туһанан сотору атомнай бомбаны айбыттара.
- 1933 — Тиксиигэ Хоту муора уу суолунан Германияҕа оҥоһуллубут «Первая Пятилетка» диэн аал устан кэлбит.
- 1941 — И. Сталин чугуйан иһэр саллаатары ытыалыыр тохтотор этэрээттэр (заградотряды) туһунан бирикээс таһаарар.
- 1959 — Байконур космодромтан «Луна-2» станция Ыйга көппүт. Икки күнүнэн станция Ый ньууругар тиийэн охсуллубут, инньэ гынан Ыйга тиийбит аппараттартан бастакы буолбут.
- 2000 — Дьокуускайга «Туймаада» стадионугар ырыаһыт Земфира кэнсиэр биэрэ туран көрөөччүлэри трибунаттан хонууга түһэллэригэр ыҥырбыт. Сорох дьон 6 миэтэрэ үрдүктэн ыстанан түспүттэр, сорохтор милиция кордонун тоҕо анньан ааспыттар. Түмүгэр 19 киһи эчэйбит.
- 2007 — Арассыыйа премьер-миниистирэ Михаил Фрадков уурайарын туһунан биллэрбит.
Төрөөбүттэр
- 1934 — Саха АССР үтүөлээх бырааһа, хирург М. Д. Ефремова төрөөбүт.
- 1934 — СӨ үтүөлээх бырааһа, неврологтар Саха сиринээҕи оскуолаларын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ В. Г. Семенова төрөөбүт.
- 1937 — Лена Аммосова — химия билимин кандидата, Максим Аммосов аатынан Аһымал пуонда тэрийэччитэ.
- 1940 — Василий Винокуров — РФ өрүс флотун Бочуоттаах үлэһитэ, РСФСР үрдүкү кылаастаах исписэлииһэ. Кини аатынан ТО-1544 теплоход “Механик Винокуров” диэн ааттаммыта.
This post was published on 12.09.2021 08:42 08:42