Балаҕан ыйын 11 күнэ. Сири бас билии уонна Күлүмнүүр тэрээһинэ - Бикипиэдьийэ

1906 сыл балаҕан ыйын 11 күнүгэр «Сахалар сойуустара» тэрилтэ Киин кэмитиэтин чилиэннэрин уонна активистарын сууттааһын саҕаламмыт. Бу сойууһу тохсунньуга Василий Никифоров-Күлүмнүүр тэрийбит, сүрүн сыала-соруга — сири бас билии уонна бэйэни салайыныы туһугар охсуһуу. 

Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 9 — Тевтобург ойуурун иһин кыргыһыыга Рим импиэрийэтин устуоруйаҕа саамай бөдөҥ хотторуута буолбут. Онон Рейн өрүс Импиэрийэ уонна «варвардар» кыраныыссаларынан аныгыскы түөрт сүүс сылга хаалбыт.
  • 1697 — Зента кыргыһыытыгар Австрия аармыйата өрүһү туораан иһэр Осмаан аармыйатын урусхаллаабыт. Ол түмүгэр Австрия Венгрияны уонна Трансильванияны ылбыт, онтон Польша бэйэтигэр Украинаҕа баар киэҥ сирдэри ылбыт.
  • 1888 — Саха сирин епархиятын дьахталларга аналлаах училищета аһыллыбыт.
  • 1906 — «Сахалар сойуустара» тэрилтэ Киин кэмитиэтин чилиэннэрин уонна активистарын сууттааһын саҕаламмыт. Бу сойууһу тохсунньуга Василий Никифоров-Күлүмнүүр тэрийбит, сүрүн сыала-соруга — сири бас билии уонна бэйэни салайыныы туһугар охсуһуу.
  • 1920 — РКП (б) Саха сиринээҕи тэрилтэтин тэрийэр бюрота Саха сирэ күбүөрүнэ бырааптаах туспа уобалас быһыытынан сөргүтүллүбүтүнэн ситимнээн «өрөбөлүүссүйэни утарсыыны уонна сабатааһы утары» үлэлиэхтээх Күбүөрүнэтээҕи ЧК-ны тэрийэр туһунан уураах ылыммыт. Бастакы бэрэстээтэлинэн Дьокуускайтан төрүттээх Иосиф Альперович анаммыт.
  • 1944 — Аан дойду иккис сэриитэ: арҕааҥы союзниктар Германияҕа Аахен куорат аттынан киирбиттэр.
  • 1944 — Аан дойду иккис сэриитэ: Британия сөмөлүөттэрэ Дармштадт куораты буомбалаабыттарын түмүгэр 11 500 киһи өлбүт.
  • 1967 — Кытай уонна Ииндийэ кыраныыссатыгар ытыалаһыы буолбут.
  • 2001 — Балаҕан ыйын 11 күнүнээҕи саба түhүүлэрАль-Каида террориcтара дьону тиэйэр түөрт көтөр-аалы күрэтэн илдьэ барбыттар. Күрэтээччилэр көтөр ааллартан иккитин Нью Йоркка баар Аан дойдутааҕы Эргиэн Киинин игирэ баҕахтарыгар туһулаан харсыhыннарбыттар. Тутуулар икки чаас иhигэр сууллубуттар, чугастыы баар элбэх дьиэ эмиэ алдьаммыт. Үһүс көтөр аалы күрэтээччилэр Пентагон дьиэтигэр түһэрбиттэр. Төрдүс аал Пенсильвания штатыгар Шенксвилл куорат аттыгар баар хонууга хампы түспүт. Балаҕан ыйын 11 күнүнээҕи түбэлтэлэр кэннилэриттэн АХШ аан дойдутааҕы терроризмы утары сэриини саҕалаабыта. Ол иhигэр 2001 с. Афганистаҥҥа уонна 2003 с. Иракка саба түһүүлэр буолбуттара.

Төрөөбүттэр

  • 1877 — Феликс Дзержинскэй — революционер, Польшаттан төрүттээх дворянин, сэбиэскэй государственнай диэйэтэл, хас да наркомат баһылыга, ВЧК тэрийээччитэ, «кыһыл террор» тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ.
  • 1957 — Аита Шапошникова — тылбаасчыт, кириитик. 1995 сылтан Арассыыйа суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ.
  • 1958 — Семен Терехов — Саха сирин бэлиитигэ.
  • 1958 — Татьяна Аргунова — саха уонна нуучча тылларын бииргэ туттууну үөрэтэр чинчийээччи, филология билимин хандьыдаата.

Өлбүттэр

This post was published on 11.09.2021 09:01 09:01