Хой
Эн баҕа санааҕын толороргор моһоллор көстүөхтэрин сөп, ол эрээри онтон толлор табыллыбат. Бэйэҥ сытыы өйгүнэн, тобуллаҕас толкуйгунан ону туоруоххун сөп.
Оҕус
Эн буккуллуу, ыһыллыы түгэннэрин көрсүөххүн сөп. Үлэҕэр мөккүөр да тахсыан сөп курдук. Ол эрээри бэйэҥ интэриэскин көмүскүөххүн сөп.
Игирэлэр
Эн энергияҥ үрдүк чыпчаалга сылдьар. Ол эрээри наһаа үлүһүйэр табыллыбат. Ордук хос хамсаныы түмүгэр алҕаһы таһаарыаххын эбэтэр коллегаларгын кытта кыыһырсыаххын сөп.
Рак
Сэниэҥ эстиитин түмүгэр сүргэҥ алдьаныан сөп. Эмоцияҕын кыана тутун, кимиэхэ да тугу да дакаастыы сатаама.
Хахай
Эйигин тус олоххор ситиһии күүтэр. Свиданиеҕа барар буоллаххына, барыта этэҥҥэ ааһыаҕа. Бэйэҕин биллибэт авантюраҕа киллэрэ сатаама.
Кыыс
Үбү-харчыны кытта сыһыаҥҥа сэрэхтээх буоларыҥ ордук. Харчыны эргитии араас түгэннэриттэн аккаастан. Чугас аймахтаргын кытта мөккүспэтиҥ наада.
Ыйааһын
Туох эрэ саҥаны оҥорорун оннугар, чугас дьоҥҥор болҕомтолоох буоларыҥ ордук. Салалта соччото суоҕу иһитиннэриэн сөп, ол эрээри онтон кыынньан кыыһырсар табыллыбат.
Скорпион
Табыллыы эн өттүгэр, былааннаабыт дьыалаҕын олоххо киллэрэриҥ ордук. Манна эн олоххо мунньуммут уопутуҥ уонна билииҥ көмөлөһүөхтэрэ.
Охчут
Бу кэмҥэ эт-хаан ноҕоруускатын аччатарыҥ ордук. Иммунитетыҥ түспүтүттэн сылтаан дьарҕа ыарыыларын көбүөхтэрин эбэтэр саҥа ыарыылар үөскүөхтэрин сөп.
Чубуку
Биир тэҥ нуһараҥ күн үүнүөҕэ. Барыта бэйэтин кэминэн ааһыаҕа. Ким да сүбэтин истимэ, бэйэҥ санааҕар эрэ тирэнэриҥ ордук.
Күрүлгэн
Бу күн өрө көтөҕүллүүҥ үрдээн, инники былааннаргын торумнуоҥ. Ол эрээри аһара үлүһүйэн, атын сиргэ халыйбатыҥ ордук буолуоҕа.
Балыктар
Ыгыллыы уонна сөбүлээбэт буолуу балаһыанньата тахсыан сөп. Онон бэйэҕэр бүгэриҥ уонна сынньанарга бириэмэ буларыҥ ордук курдук буолуоҕа. Салалтаҕын кытта кыыһырсыы үп-харчы өттүгэр охсуулаах буолуон сөп.
Эҥсиэли