Үөрэх дьыла саҕаланыа ыйга тиийбэт кэм хаалла. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуола саадтара, үрдүк, орто үөрэх кыһалара, оскуолалар аһыллаллара былааннанар. Үөрэх министиэристибэтэ саҥа санитарнай-эпидемиологическай ирдэбиллэргэ олоҕуран үөрэхтээһин араас көрүҥнэрин бэлэмниир. Б туһунан СИАҕа үөрэх миниистирин бастакы солбуйааччы Ирина Любимова кэпсиир.
Үөрэх министиэристибэтин иһинэн саҥа үөрэх дьылын тэрийиигэ анал хамыһыйа тэриллэн үлэтин саҕалаабыт. «Ирдэбил наһаа элбэх. Оҕо саадтара олоҕурбут быһыыннан дьыссаакка баран эбэтэр, сааскы курдук, дьуһуурунай бөлөхтөр үлэлиэхтэрэ», — диир үөрэх миниистирин бастакы солбуйааччы Ирина Любимова.
«Оскуолаларга үөрэхтээһин биэс көрүҥэ бэлэмнэнэр, бары туһунан уратылаахтар. Оскуола оҕотун ахсааныттан, үлэлиир кэмиттэн көрөн, бэйэтигэр сөптөөх көрүҥү талыа.
Дьокуускайга, баҕар, үөрэх үс симиэнэн барыа. Маныаха үөрэх ноҕурууската кыччыа. Сүрүн биридимиэттэр оскуолаҕа бэриллиэхтэрин сөп, атыттар – дистанционно.
Бу көрүҥнэр билигин ырытыһыы, толкуйдааһын, быһаарсыы түһүмэҕэр сылдьаллар. Хас биирдии үөрэх тэрилтэтигэр, нэһилиэккэ, оройуоҥҥа туспа сыһыан буолуо. Биллэн туран 30-тан элбэх оҕолоох кылаастарга кыһалҕалар үөскүөхтэрин сөп», — диир Ирина Любимова.
Маны таһынан оскуолалары харыстанар (мааскаларынан, бэрчээккэлэринэн, антисептиктарынан), салгыны ыраастыыр, температураны кээмэйдиир тэриллэринэн хааччыйыы, медицинскэй көмөнү тэрийии боппуруостара быһаарыллаллар.
This post was published on 05.08.2020 18:01 18:01