Бырааһынньык чэрчитинэн «Аятку урикит» көрүү-куонкурус, «Алапчу девгэ» национальнай аска-үөлгэ күрэс, «Долборды онёвур» национальнай таҥаска куонкурус, «Дюган — мутӈи эӈэсит» дьиэ кэргэн күрэҕэ ыытыллыахтара. Оҕолорго ураты «Урикитту эвидерэп» бырагыраама бэлэмнэннэ.
Үгэскэ кубулуйбут Хоту дойду норуоттарын национальнай успуорка оонньуулара буолуохтара: улахан дьон уонна оҕолор ортолоругар «Мауткат», эр дьоҥҥо уонна дьахталларга мас тардыһыыта, улахан дьоҥҥо Нирукат, наарта үрдүнэн ыстаныы, Ӈорчан — икки ыйааһыҥҥа абсолютнай тустуу күрэхтэһиилэрэ ыытыллыаҕа. Ону тэҥэ Иван Николаевич Кульбертинов аатынан пневматическай саанан ытыыга күрэхтэһиэхтэрэ.
Кыргыттарга «Аякчана-2024» , уолаттар ортолоругар «Бэркэ Бэе-2024» ыччат куонкурустара уонна «Эвэды икэлэн» эбэҥки хордарын күрэһэ туспа болҕомтону ылыахтара, суруйда Саха сирэ саайт.
This post was published on 07.06.2024 12:01 12:01