Байыастар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ үлэнэн хааччыллаллар

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Өрөспүүбүлүкэ дьарыктаах буолуутун сулууспата байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, уопсайа 240 киһиэхэ, үлэнэн хааччыллалларыгар көмөлөстө. 

Бу туһунан нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин дириэктэрэ Николай Иванов иһитиннэрэр.

«Биһиги «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиалын кытта сыл устатыгар 104 үлэ дьаарбаҥкатын тэрийэн ыыттыбыт. Бу байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр ананар. Манна сылдьыбыттар ханна үлэ баарын, усулуобуйатын билсэллэр, о.д.а. ыйытыыларыгар хоруйдары ылаллар. Өйөбүл барыларыгар оҥоһуллар, дьарыктаах буолуу сулууспатыгар учуокка турбуттарыттан, турбатахтарыттан тутулуга суох», — диир кини.

Быйыл дьарыктаах буолуу сулууспатынан оробуочай идэни ыларга уонна квалификацияларын үрдэтэргэ 44 киһи ыытыллыбыт. Кинилэр конвейер машиниһа, уот монтера уо.д.а. идэлэргэ үөрэммиттэр.

Маны таһынан, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна дьиэ кэргэттэрэ, алта киһи, урбаанынан дьарыктанарга үбүнэн-харчынан өйөбүл ылан туһаммыттар. Бу дьон иистэнэр мастарыскыайдаммыттар, автосервис арыйбыттар, сылгы иитиитинэн, таһаҕас таһыытынан дьарыктаналларын сэргэ, үлэ миэстэтин тэрийэллэр.

Санатар буоллахха, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ дьарыктаах буолуу боппуруоһунан нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун сулууспатын киинигэр 122 нүөмэргэ (эбии — 7) эрийэн ыйыталаһыахтарын сөп, суруйда СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

Источник: Саха сирэ саайт

This post was published on 18.12.2024 11:09 11:09