Байыаннайдар оҕолорун оскуолаҕа босхо аһатан саҕалаатылар

Ðîññèÿ. Åêàòåðèíáóðã. Ñòîëîâàÿ â ñðåäíåé îáùåîáðàçîâàòåëüíîé øêîëå ¹107. Äîíàò Ñîðîêèí/ÒÀÑÑ

Саха сирин оскуолаларыгар быстах байыаннай хомуур кыттыылаахтарын оҕолорун босхо аһылыгынан хааччыйдылар. Бу туһунан СИА-ҕа  бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.

«Өрөспүүбүлүкэ бары оскуолаларыгар байыаннай сулууспалаахтар оҕолорун босхо аһатан саҕалаатылар. Бу сорудах толоруллубатаҕына, Саха сирин үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр сөптөөх сигналы биэрэргэ көрдөһөбүт», — диэн Ольга Балабкина бэлиэтээтэ.

Ону таһынан, байыаннайдар оҕолоро уһуйаан иһин төлөбүртэн босхолоноллорун эбэн эттэ. Оттон устудьуоннарга 5607 солк. кээмэйдээх анал стипендия ананна. Бу көмөнөн туһанар туһугар оҕолор сокуоннай бэрэстэбиитэллэрэ МФЦ-га сайабылыанньа биэриэхтэрин наада.

This post was published on 12.10.2022 15:03 15:03