Хас биирдии байыаннай сулууспаҕа сылдьааччы дьиэ кэргэнэ Саха сиригэр муниципалитеттарга, министиэристибэлэргэ, биэдэмистибэлэргэ тус сыһыарыллыахтара. Ити тустаахтарга көмөнү суһаллык оҥорор инниттэн ылыллар дьаһал.
Ол туһунан Айсен Николаев «Прямой разговор» телебиэриигэ эттэ, суруйар СИА.
«Биһиги байыаннай сулууспаҕа сылдьар дьоммут дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүөхтээхпит, ким да харах далыттан дьалты хаалыа суохтаах. Хас биирдии ыал муниципалитеттарга, министиэристибэлэргэ, биэдэмистибэлэргэ тус сыһыарыллалларын ирдиэҕим. Биһиги көҥүлбүт туһугар туруулаһар байыастар дьиэ кэргэттэрэ харысхаллаах, көмүскэллээх сылдьалларын, судаарыстыба кинилэр тустарыгар кыһалларын билиэхтээхтэр», – диэтэ Айсен Николаев.
Хаартыска: Мария Васильева, СИА
This post was published on 19.10.2022 17:28 17:28