Байыаннай хомуурга барбыттар дьиэ кэргэттэрэ Дьокуускай аптекаларыгар чэпчэтии ылаллар

Дьокуускайга уонна таһынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттар дьиэ кэргэттэригэр анаан «Аптеки Якутска» диэн дисконтнай каарта оҥоһулунна.

Каарталар тустаахтарга 10%-наах чэпчэтиини оҥороллор. Ол туһунан куорат дьаһалтатыгар этилиннэ.

Сэтинньи 17 күнүттэн каарталары уокуруктар дьаһалталара биэртэлээн эрэллэр. Чэпчэтии эмкэ уонна доруобуйаны тупсарыыга анаммыт табаардарга барытыгар көрүллэр.

Аптекалар испииһэктэрин манна көр: https://ysia.ru/skidku-na-lekarstva-mogut-poluchit-semi-mobilizovannyh-v-yakutske/

This post was published on 18.11.2022 13:29 13:29