Байыаннай дьаһал кыттыылаахтарын дьиэлэригэр гаас киллэрэргэ көмөлөстүлэр

Саха сиригэр анал байыаннай дьаһал кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр аймахтарыгар аадырыстаах көмөнү оҥоруу үлэтэ бара турар. Бүгүҥҥү күҥҥэ байыаннай дьаһал кыттыылаахтарын дьиэлэригэр гаас киллэриигэ 52 ыалга үбүнэн көмөлөстүлэр.

Маны таһынан, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов дааннайынан, 181 байыаннай дьаһал кыттааччы эмтэнэригэр материальнай көмөнөн туһанна. 340 байыаннай уонна 610 байыаннай дьаһалы кыттыылааҕы дьиэ кэргэнэ доруобуйа харыстабылын уонна социальнай хааччыйыы тэрилтэлэригэр реабилитацияны ааста.

Санатан эттэххэ, байыаннай дьаһал кыттыылаахтарын төрөппүттэригэр Саха сиригэр санаторнай-курортнай эмтэниини ааһалларыгар, 130-тан тахса киһиэхэ ороскуоттарын төлөөтүлэр.

This post was published on 23.10.2023 17:03 17:03