«Байанай» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии Нам улууһугар буолуоҕа

Нэһилиэнньэҕэ булт туһунан кэпсиир, булт үгэстэригэр ыччаты сыһыарар, чөл олоҕу өрө тутар сыалтан муус устар 2 — 4 күннэригэр «Байанай» XXIV өрөспүүбүлүкэтээҕи булчуттар күрэхтэһиилэрэ Нам улууһугар буолуоҕа. Тэрээһин булчут күнүгэр ананар, диэн СИА-ҕа айылҕа министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 


Хамаандалар аҕыстыы киһилээх буолаллар. Муус устар 3 күнүгэр Нам сэлиэнньэтигэр Романовка боротуокаҕа күрэхтэһии кыттыылаахтара МЦ-21-12 сааны хомуйууга, ыһыыга күрэхтэһиэхтэрэ. Кутаа уот уматан чэй оргутуохтара, булт сокуонугар боппуруостарга эппиэттиэхтэрэ, лууҥка хаһыахтара, мэһэйдэрдээх эстафетаҕа киирсиэхтэрэ.

Муус устар 4 күнүгэр СӨ УФСИН уонна «Бэргэн» ССК ытар сирдэригэр спортиҥҥа боруобаланыахтара, бинтиэпкэнэн, булт саатынан ытыахтара.

Саамай элбэх баалы хомуйбут хамаанда кыайыылаах буолуоҕа.

Балаһыанньаны кытта манна билис.

This post was published on 05.03.2020 17:44 17:44