Биһиги оскуолабыт «От традиции к глобализации» диэн киэҥ хабааннаах экспериментальнай үлэни тэрийэр. Норуот үгэстэриттэн саҕалаан саҥа технологиялары, омук тылын, бизнес эйгэтин үөрэтиини киллэрэн, аныгы үйэҕэ барыга-бары сыстаҕас дьону иитэн таһаарар соруктаах.
Бу нэдиэлэ иһинэн ыытыллыбыт уруоктарга учууталлар үөрэтии эйгэтигэр туох саҥа ньымалары булбуттарын, саҥа ирдэбилгэ сөп түбэһиннэрэн уруокка хайдах туттуохха сөбүн толору көрдөрдүлэр. Маастар-кылаастарга дьыалабыай оонньуулары ыыттылар, хоһоону ырытыыга, өбүгэ оонньуутун, үгэстэрин туһунан коллегаларын кытта атах тэпсэн олорон кэпсэттилэр. Бу нэдиэлэ устатыгар эдэр учууталлар Төлөйгө ыытыллыбыт «Эдэр учуутал оскуолатыгар», МО салайааччылара Чурапчыга методическай үлэ семинарыгар кытыннылар. Учууталларга аналлаах коммунарскай сбор ыытыллыбыта сонун көстүүнэн буолла.
Тохсунньу 23 күнүгэр бу нэдиэлэ, экспериментальнай үлэбит чэрчитинэн «Управление проектами развития в социальной сфере» диэн семинарынан түмүктэннэ. Семинары М.К.Аммосов аатынан ХИФУ профессора, ФЭИ экспертнай-консалтинговай киинин дириэктэрэ, Арктика Университетын «Местное и региональное развитие на севере» тематическай ситим лидерэ Оксана Романова, ФЭИ үөрэтэр-научнай проектнай лабораториятын сэбиэдиссэйэ Клавдия Барашкова, Үөрэхтээһин департаменыгар үөрэх сүрүн программаларын нормативнай-методическай арыаллааһын отделын начальнига, үөрэх, наука эйгэтигэр кэтээн көрүү Федеральнай сулууспатын аккредитациялаах эксперэ Елена Афанасьева ыыттылар. Семинарга «Сулусчаан» уһуйаан иитээччилэрэ, дьаһалта специалистара, төрөппүттэр кыттыыны ыллылар.
Быйылгы үөрэх дьылыгар маннык семинар үһүс төгүлүн ыытыллынна. Алтынньытааҕы түмсүүгэ биһиги, оскуола учууталлара, бырайыак суруйан көмүскээбиппит. Ахсынньыга бырайыактары экспертэр ырыппыттара. Ону кытта Оксана Дмитриевна магистраннарын, 12 эдэр учуонайы аҕалан, оҕолорго, учууталларга «Я – директор» дьыалабыай оонньууну, оскуола бары оҕолоругар хамаанданан күрэҕи, бэсиэдэлэри тэрийбитэ.
«Управление проектами развития в социальной сфере» семинар кыттыылаахтара Елена Афанасьева бырайыак суруйуу бары ымпыгын ырытар лекциятын иһиттилэр. Эбиэт кэннэ бырайыактаах дьоҥҥо биирдиилээн консультация ыытылынна. Бырайыак докумуоннарын бэлэмнээһиҥҥэ, ыытыллар болдьоҕор, кыттыылаахтарыгар о.д.а. туһалаах сүбэни-аманы ыллылар. Күүрээннээх үлэ түмүк чааһыгар Үөрэхтээһин департаменыгар үөрэх сүрүн программаларын нормативнай-методическай арыаллааһыҥҥа отделын начальнига, үөрэх, наука эйгэтигэр кэтээн көрүү Федеральнай сулууспатын аккредитациялаах эксперэ Елена Афанасьева бары бырайыактар билиҥҥи кэмҥэ тоҕоостоохторун, оскуоланы, нэһилиэги түмэн үлэлиир хайысхалаахтарын бэлиэтээтэ, салгыы үлэлэһэр баҕалааҕын биллэрдэ.
Семинар кыттыылаахтара М.К. Аммосов аатынан ХИФУ-ка үөрэнии кууруһун ааспыттарын туһунан сертификаты туттулар.
Онон, Данил Григорьевич Барашков аатынан Бахсы орто оскуолатыгар үөрэх үһүс чиэппэрэ научнай-методическай үлэнэн ситиһиилээхтик саҕаланна.
This post was published on 01.02.2016 14:22 14:22