Норуот халандаарынан сэтинньи 10 чыыһылатыгар — «Параскева-Пятница, Бабья заступница» күнэ бэлиэтэнэр, «МК»-ҕа сигэнэн суруйар СИА .
Бу күн норуот бэлиэтээһиннэрэ:
Мас кырыарбыт — тымныыга.
Туман — сотору кэминэн сылыйар.
Түүн кырыа түспүт — күнүс хаардыыр.
Тымныы кэмигэр тииҥ уйатыттан тахсар — сылыйар.
Тымныйан баран сылыйар — сотору кэминэн тымныылар түһэллэр.
Ый дьиэлэниитэ — буурҕаҕа.
Элбэх хаар түстэҕинэ — саас эрдэ кэлэр.
Түүн сулустар чаҕылхайдык көстөллөр — тымныйыыга.