Баатаҕай-Алыытыгар параадка 870 киһи тэҥҥэ хаамта

Хоту улуустарга Үлэ, Эйэ, Сомоҕолоһуу бырааһынньыга олус тэрээһиннээхтик ыытыллар. Эбээн-Бытантайга параад, ырыа-үҥкүү дьону көҕүлээтэ.


Баатаҕай-Алыытыгар бырааһынньык параада өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста. Барыта 870 киһи биир тэҥҥэ хаамыыга кытынна. Колонналар «Ураа! Уруй-айхал!» хаһыынан чахчы Үлэни өрө туталларын, Эйэлээх олоххо үөрэллэрин биллэрдилэр. Бииртэн биир киэргэммит үлэ тэрилтэлэрэ үөрүүнү, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэли бэлэхтээтилэр.

This post was published on 01.05.2016 16:41 16:41