Дьааҥы улууһун Баатаҕай бөһүөлэгэр муус устар 17 күнүгэр ууну ыраастыыр ыстаансыйа тутуутун бастакы сыбаайата туруорулунна. ОДьКХ министиэристибэтинэн «Ыраас уу» бырайыагынан «Дьиэ уонна куорат эйгэтэ» нацбырайыагынан эбийиэк тутуллар.
Ааспыт сыл ахсынньытыгар Саха сирин бырабыыталыстыбата уонна Россия тутууга министиэристибэтэ Баатаҕай бөһүөлэгэр уунан хааччыйыы систиэмэтин тутуу туһунан сөбүлэҥ түһэрсиллибитэ. Бырайыак уопсай суумата 605,3 мөл солк, федеральнайдааҕы бюджеттан 599,2 мөл солк көрүллэр, атына регион бюджетыттан тыырыллар.
«Бырайыак сууккаҕа 1100 кубометр оҥорон таһаарар кыамталаах уу ыраастыыр ыстаансыйалаах, холуодьастаах, носуостуур ыстаансыйалаах, уунан хааччыйар ситимнээх. Бэдэрээттиир тэлилтэнэн «Вариант Плюс» буолар», — диэтэ СӨ ОДьКХ тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Виталий Чикачев.
This post was published on 18.04.2023 12:01 12:01