Баатаҕайга күн уотунан сылытар ыстаансыйа 200 туонна дизель уматыгын экономиялаата

Баатаҕайга күн уотунан сылытар ыстаансыйа 9 ыйга 750 мөл кВтч электроэнергияны оҥордо, онон 200 туонна дизель уматыгын экономиялаата. Ол туһунан ОДьКХ миниистирэ Дмитрий Садовников соцситиминэн кэпсээтэ диэн, СИА суруйар.


«Ыстаансыйа 2017 сыллаахха «Сахаэнерго» салаатынан үлэтин саҕалаабыта. Үчүгэй өрүттээҕин көрдөрдө. РусГидро тэрилтэни кытта сөбүлэҥмитинэн маннык ыстаансыйалары үлэлэтиини салгыахпыт. Полярнай эргимтэҕэ бу саамай бөдөҥ эбийиэк буолар. Тоҕус ыйга 750 мөл кВтч оҥорон таһаарда, онон 200 туонна дизель уматыгын экономиялаата. Бу холобур күн уотунан уматык саппааһын харыстыахха сөбүн көрдөрөр», — диэтэ Дмитрий Садовников. 

Манна эбии кини Тиксиигэ тыал ыстаансыйата үлэҕэ киириэхтээҕин эттэ: «Сыл бүтэһигэр күүтэбит. Бу эмиэ экономияны көрдөрүөхтээх».

This post was published on 25.11.2020 11:01 11:01