Баатаҕай Алыытыгар 12 кыбартыыралаах олорор дьиэни киллэрэллэр. Тутуу хаамыытын бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков Эбээн Бытантай улууһугар оробуочай сырыытын кэмигэр билистэ.
Регион салалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, элбэх кыбартыыралаах дьиэ «Переселение граждан из аварийного жилого фонда на 2019-2025 годы» бырагырааманан тутуллар.
Икки этээстээх дьиэ ис өттө оҥоһуллар, сэттэ киһилээх биригээдэ үлэлиир.
Муус устар бүтүүтэ тутааччы хампаанньа түмүктүүр бэрэбиэркэни ыытыыга сайаапкатын судаарыстыбаннай тутуу управлениетыгар тиксэрэр былааннаах.
«Дьиэ социальнай суолталааҕынан, үлэ тэтимин түргэтэтэр наада. Эбийиэккэ үлэһит ахсаанын элбэтиэххэ, тутууну түмүктүүр миэрэлэри ылыахха», – диэтэ Кирилл Бычков.
This post was published on 09.04.2024 11:01 11:01