Бэчээт күнүн көрсө киһи астына, дуоһуйа ааҕар икки дьоһун кинигэ күн сирин көрдө. Бэҕэһээ, тохсунньу 14 күнүгэр, кинигэ биһирэмэ буолла. Тэрээһини суруналыыс, публицист, чинчийээччи, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ филология факультетын суруналыыстыка кафедратын сэбиэдиссэйэ Олег Сидоров ыытта, ырытыыны тыл үөрэҕин кандидата, доцент, университет хотугулуу-илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун дириэктэрэ Гаврил Торотоев оҥордо. Бастакы кинигэ 208 , иккиһэ 256 страницалаах таҕыстылар. Тирааһа — 300. Ааптар — Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, бэчээтин туйгуна Филипп Петрович Пестряков. Киэҥ араҥаҕа ананар.
Филипп Петрович Пестряков «Баары баарынан» кинигэтигэр редактордыаҥ дуо диэн этии киирбитигэр, бастаан толло санаабыт, онтон илиинэн суруйууну ылан ааҕан баран, сөбүлэҥин биэрбит Людмила Баишева — Федорова маннык кэпсиир:
— Наһаа грамотнайдык суруллубут. Үөрдүм, астынным. Онон, сүрүн болҕомтобун сахатытыыга уонна шрибинэн оонньотууга уурдум. Сүрүн түмүк санааларын туспа шрибинэн, докумуоннары атын шрибинэн биэрдим. 200- тэн тахса хаартыска киирдэ.
Аны ис хоһооно – үксэ билэр дьонум туһунан. Мин бэйэм 1996 сылтан бэчээт эйгэтигэр баарбын. Ол аата, 25 сыл үлэлээн кэлбиппин. Бастаан “Сахаадаҕа”, онтон 19 сыл “Бичик” кинигэ кыһатыгар редактордаабытым. Бэчээт дьиэтигэр син балай да үлэлээбитим, дьонун-сэргэтин билэбин. Онон, бу «Баары баарынан» кинигэҕэ үлэлиирим миэхэ интэриэһинэй этэ.
Бу кинигэ ис хоһооно — Филипп Петрович олоҕун сэһэнэ. Оҕо сааһыттан саҕалаан, кини Киһи, Личность, Салайааччы буола сайдан испитин сиһилии сэһэргиир. Бу биһиэхэ, бэчээт эйгэтин үлэһиттэригэр, соһуччу үөрүү.
Бу кинигэ сүрүн суолтата – саха бэчээтэ хайдах сайдан испитин иһиттэн кэпсиир, кэрэһилиир. Аны кэнэҕэски ыччат ылан аахтаҕына, Саха сиригэр бу хаһан көмпүүтэр кэлбитин, улуустар редакциялара урукку технологияттан босхолонон офсетнай бэчээккэ, сыыппараҕа көспүттэрин билиэҕэ.
Мин тус бэйэм ааҕааччы, дьахтар буолан тураммын наһаа долгуйа, харааста аахпыт түгэннэрбэр тохтуохпун баҕарабын.
Бастакытынан, 2001 с. Филипп Петрович эмискэ Президент Ыйааҕынан үлэтиттэн тохтотуллар. Онно дьэ кини хайдах буолбутун, тугу гыммытын «Тургутуу» диэн кэрчиккэ ааҕыахха сөп. Кини төрөөбүт төрүт дойдутугар, төрөппүттэрин дьиэтигэр тахсан саарбахтыыр санаалара сааһыламмытын, Орто эбэтин ыраас уутугар сөтүөлээн этэ-сиинэ чэбдигирбитин, иитиллибит ийэ сирэ киһиэхэ күүс-сэниэ эбэрин. Ол кэннэ дьол туһугар туруулаһарга бигэ санааламмытын туһунан кэпсиир. Олоҥхобутугар айыы бухатыыра өлбөт мэҥэ уутун иһэн тиллэн кэлэрин курдук, бу биһиэхэ сахаларга өлбөт мэҥэ уубут — ийэ дойдубут, төрүт алааспыт, төрүт буорбут эбит.
Иккиһинэн, Филипп Петрович Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэчээтин салайбыт кэмэ — уустук сыллар. Онно биир улахан кыьалҕа — Уһук хоту сиргэ каадырынан хааччыллыы сытыы боппуруоһа. Эдэркээн кыргыттар барахсаттар Сусанна Никитина Абыйгага, Зоя Охлопкова Усуйаанаҕа, Сардаана Матвеева кэргэниниин Эдьигээҥҥэ, Зинаида Архипова Орто Халымаҕа, Елена Потоцкая Үөһээ Дьааҥыга, Полина Николаева Булуҥҥа, Гуннара Байгильдина Анаабырга уонна Өлөөҥҥө – климат киэнэ кытаанаҕар, үлэлиир усулуобуйа саамай уустугар түбэһэн баран, хайдах курдук таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрин ааҕан баран, бу хорсун кыргыттар ааттара саха суруналыыстыкатын историятыгар көмүс буукубанан суруллуохтаах эбит диэн түмүккэ кэллим. Бу эр дьон баар этигит дуо диэхпэр диэри. Бу редактор кыргыттар ахтыылара «Дьоһун кылаатын киллэрбитэ» диэн кинигэтигэр баар.
Филипп Петрович, дьэ, кырдьык даҕаны, «Баары баарынан» олох хатан кырдьыгын сэһэргиир кинигэҕинэн эҕэрдэлиибин.
Таптал тыыннаах, иллээх дьиэ кэргэҥҥэр дьолу-соргуну, чэгиэн доруобуйаны баҕарабын.
This post was published on 15.01.2022 15:11 15:11